Перевод с якутского
холоруктаа
туохтуур
Нууччалыы вихриться, кружиться вихрем
1 туохтуур #
Күүскэ силлиэрэн күөрчэхтии өрө ытыйан таһаар
Нууччалыы Вихриться, кружиться вихрем
Тыал маһы, тула өттүттэн сирилээн кэлэн, мускуйан холоруктуур, мас умнаһа субу тостуох курдук кыычыгырыыр. ААС. Хаппыт сэбирдэҕи бурҕачытан, хаҕыс тыал ытыйан холоруктуур. Н. Курилов (тылб.)
2 туохтуур #
Биир сиргэ таба турбакка, сыппакка өрө мөҕүс, кулахачый
Нууччалыы Закружиться, завертеться вьюном, волчком
Кирилэ атыгар кэлбитэ, кыргыттар айдааннарыттан үргэн, кыайан мииннэрбэккэ мөхсөн холоруктаата. Н. Заболоцкай Биир моонньоҕон, моонньуттан иҥнэн баран, таба туттарбакка холоруктаабыта. И. Гоголев Миитэрэй оҕонньор бу түүн аанньа утуйбакка оронугар быһа холоруктаан хонно ХС
3 туохтуур #
Быыс булбакка үлэлээн-хамсаан түбүгүр
Нууччалыы Без устали, непрерывно трудиться, хлопотать, суетиться. [Маарыйа] халлаан сырдыаҕыттан күн киириэр диэри тула холоруктаан тахсара
Айталын. [Кыыс Хотун] Бэҕэһээ астаах остуол тула холоруктуур, көмөлөһө сылдьар кыыһы көрбүтэ. А. Сыромятникова 1957 сыллаахха райпо маҕаһыыныгар атыылааччынан үлэлииргэ ыҥырыллыбыта. Кини онон -- күн ахсын сүүһүнэн киһи хараҕын холоруктуу сылдьар үлэҕэ киирбитэ. Дьону үөр