Перевод с якутского
эрилгэн
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы круговое движение чего-л., вращение, круговерть
1 аат тыл #
Туох эмэ эрийэр көстүүтэ, эрийии
Нууччалыы Круговое движение чего-л., вращение, круговерть
Арай сүүрүк эрилгэннэрэ халлаан күөҕүнэн суһумнуу оонньууллара. "Чолбон". Кумахха тахсан ыттыбыт, аппарааппыт эрилгэнин ахсаана чуо сөп түбэстэ. ЕМП БС
2 аат тыл #
Киһи өйүн-санаатын эрийэр, бутуурдаах, уустук туох эмэ
Нууччалыы Неприятность, затруднительное положение, стечение обстоятельств, предряга (в жизни, судьбе)
Олох очуругар оҕустарбыттар, санаа-оноо эрилгэнигэр ылларбыттар тоҕо эрэ киниэхэ тардыһаллара.
Н. ЛугиновДьүөгэтиниин олохторугар арааһы көрдүлэр-иһиттилэр, олох араас эрилгэнигэр киирэн таҕыстылар да, бэйэ-бэйэлэригэр ханнык да күлүгү түһэрсибэтэхтэрэ. Сэмсэ. Таптал эрилгэнин туһугар көҥүллүк олороруттан аккаастаммытын -- эмискэччи дьэҥкэтик өйдүү биэрбитэ УуУЛ Эрилгэн сүүрүктүүн эрийсэн, эгдэйэ-эгдэйэ эрдиннэ Күннүк Уурастыырап
3 даҕааһын #
суолт. Эриллэ хамсыыр (хол., сүүрүгү этэргэ)
Нууччалыы Извилистый, крутящийся (напр., о ручейке)