Перевод с якутского
иэдээн
аат тыл
Нууччалыы беда, несчастье, трагедия
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Алдьархай, ыарахан түбэлтэ, ынырык быһылаан
Нууччалыы Беда, несчастье, трагедия
Дьэ иэдээн бөҕөнү оҥордо: биир титиик сүөһүнү кэрдэн кэбистэ. Күннүк Уурастыырап Ити кыһын, сэрии иэдээнигэр сут мэҥэстэн, алдьархай ааҥнаабыт. Софр. Данилов. Сааппас обургу иэдээни тардаары гынна! Н. Габышев Мотуор хаамтаҕына иэдээн. Балык бөҕө сытыйыа Эрчимэн
2 аат тыл #
Үчүгэйэ суох быһыы, киһи сөбүлээбэт түбэлтэтэ, кыбыстыылаах дьыала
Нууччалыы Неприятное событие, неприятность. [Ыстапаан:] Оҕонньор!
Хата билигин аҕабыыкка таарыйаар, баҕар, ити кыыс бэргэһэлэнэригэр тиийэн аккаастаан, иэдээни оҥоруо. А. Софронов Ити иэдээн [сымыйа сурах] Кирилл Иванову эмискэ дьоллообута – Нариччаан бэрт түргэнник киниэхэ эргэ тахсыбыта. Н. Габышев Иккис иэдээним бу маннык: Эрэсиими кэһэ турабын Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (1)
Эмискэ күөрэйдэ Икки кынчаал үөһэ – Иҥсэлээхтик эккэ тиийдэ, Ньимис гына түһэ. Өлөн иһэн биир үөдэн Үөгүлээбитинэн оҕунна... Доҕотторуом, оо, иэдээн, Сүүрүү, сырсыы хойунна: Фашист ирдьит ыта Эһигини үрэр, биллэ Л. Попов
3 аат тыл #
ан эмэ оһол, дэҥ тахсыыта
Нууччалыы Несчастный случай, увечье, травма
Кыратык быһалаан да диэн, дуоҕалаах кытахха аны киһи халтарыйан дуу, бүдүрүйэн дуу иэдээн буолуо. М. Чооруоһап Бу куһаҕан, эргэ косилканы уонна бэйэм үлэбин көрөөт биллим, охсор саҕана иэдээн тахсыбатын диэн кичэйэн көрөбүн. М. Шолохов (тылб.)
4 аат тыл #
суолт. Соһуйууну, куттаныыны көрдөрөр
Нууччалыы Междометие, выражающее испуг, удивление
5 этии #
Этиилэр
Иитэ суох иэдээн, аана суох алдьархай көр аана суох алдьархай
Сороҕор бэрт кыраттан олоҕун устата бараммат иитэ суох иэдээнигэр, аана суох алдьархайыгар тэбиллиэххин сөп. И. Гоголев Ааҥнаабыт алдьархайтан кини [Кудаҥса] хас да төгүл сорук соруйан быыһанарга холоммутун үрдүнэн, сырыы аайы уруккутааҕар уонунан ордук, өлүүлээх-сүтүүлээх, этэргэ дылы, иитэ суох иэдээн, аана суох алдьархай буулуур. ФЕВ УТУ