ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрилий

туохтуур

Нууччалыы вращаться, кружиться

1 туохтуур #

Араастаан эрилин-бурулун, эриллэ хамсаа (хол., ууну этэргэ)

Нууччалыы Вращаться, кружиться (напр., о воде)

  • Ойбон уута хап-харанан эрилийэн, үрүҥ күдэнинэн буруолуу сыппыта.
    В. Протодьяконов
  • Табах күөх буруота биһилэх курдук эрилийэн, остуолу үрдүнэн аатын эрэ уһунна.
    Н. Апросимов
  • Уу урсуна эрилийэр, дьиримниир, тымныы уу тыы ойоҕоһугар кырылыы охсуллар
    Тумат

2 туохтуур #

Киэҥник төгүрүйэн дириҥээн көһүн (хараҕы этэргэ)

Нууччалыы Быть, казаться широким, круглым и глубоким (о глазах)

  • Киһитэ сүр эйэҕэстик мичээрдээн, ыраас тииһэ ытыгыраан, киэҥ хараҕа эрилийэн олорор эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Хара баттахтаах, тор курдук бытыктаах, эрилийбит киэҥ харахтаах -- киһи ойон турбута.
    П. Филиппов
  • Киргиэлэй эрилийбит киэҥ харахтаах, нүксүгүгр улахан уҥуохтаах киһи
    Чолбон
Өссө холобурдар (3)
  • Дьиэгэниччи тула көрүөлээ, сүүрэлээ (хараҕы этэргэ). Θ Расшириться, округлиться, застыть (от страха – о глазах). Дьэ онно көрүө этигит, Лэгиэнтэй атыыһыт сирэйэ хайдах кубулуйбутун, хараҕа хайдах тиэрбэс курдук эрилийбитин!
    Н. Якутскай
  • Дыгдаалап хара эрилийбит хараҕын тымныытык туруору көрбүт.
    М. Доҕордуурап
  • Суоппар кыһыл сирэйэ, иирбиттии эрилийбит хараҕа, оҥойбут айаҕа ыраахтан көстөр
    Н. Габышев

«Э» буукуба