ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дириҥээ

туохтуур

Нууччалыы углубляться, стать глубоким, глубже

Ис хоһооно · 10

1 туохтуур #

Үөһэттэн улам аллара түһэн ис, дириҥ буол

Нууччалыы Углубляться, стать глубоким, глубже

  • От сүлбэлэр кэҥээн, дириҥээн көҥүл буолан күүгүнээн Талба өрүскэ түһэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Уута дириҥээн, Витя түөһүн тылыгар тиийтэлээтэ.
    Н. Заболоцкай
  • Хаспахтаабытын кэннэ хороон сырыынньа дириҥээтэ, онтон туох эрэ кытаанахха тиийдэ
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Харах ылбат гына ыраат, кэҥээ (халлаан туһунан)

Нууччалыы Становиться обширным, безграничным, не иметь видимого предела (обычно о небе)

  • Кини үрдүнэн ыраас киэһээҥҥи халлаан көҕөрөн дириҥээн көстүбүтэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Оо, улуутуйар Улуу Куосумас! Төһө даҕаны Үрүгэлии-үрүгэлии үрдээ, Тимирэ-дьиппиэрэ дириҥээ
    П. Тулааһынап

3 туохтуур #

Уруккутунааҕар иһирдьэ киирбит курдук көрүҥнэн, күүһүр

Нууччалыы Углубляться, становиться глубже

  • Лебедева суумкатыттан кыракый сиэркилэтин ылан көрүннэ уонна арбы-сарбы буолбутун, сүүһүгэр баар урукку сурааһын дириҥээбитин биллэ.
    С. Дадаскинов
  • Кырдьан мэрбэстэн эрэр сирэйигэр киэбирии, суодуйуу оннугар, сүүһүн мырчыстаҕастарыгар хара сурааһыннар дириҥээн хаалбыттар.
    М. Доҕордуурап
  • Кини кута-сүрэ тостон, сүүһүгэр түспүт сурааһыннар дириҥии тардыллан, биллэ соҕус пуудараламмыт иэдэһин имэринэ -- олордоҕуна, Арамаан Баһылайабыс тахсан барбыта
    П. Аввакумов

4 туохтуур #

Тугу эмэ толкуйдуурдуу тобулу, кытаанахтык көр (хараҕы этэргэ)

Нууччалыы Принимать или иметь задумчивый, сосредоточенный вид, пристальный, пронзительный взгляд

  • Кини [Таня] чоруун сирэйэ адьас таастыйбыт курдук, чоҕулуҥнас хара харахтара дириҥээбиккэ дылылар.
    Л. Попов
  • Онуоха уоттаах улахан хара харахтара эбии дириҥээн, тугу эрэ толкуйдуур дуу, санааргыыр дуу курдук этилэр
    Н. Заболоцкай

5 туохтуур #

Өссө күүһүр, улаат, бэргээ

Нууччалыы Усиливаться (о боли), прогрессировать (о болезни)

  • Оҕо тыынара улам дириҥээн барда.
    Н. Заболоцкай
  • Пьер -- ити ыарыыта урут эмискэ кэлитэлиирин оннугар, өссө иһирдьэ дириҥээн, ааспакка арахпакка аалар буолан хаалла. Л. Толстой (тылб.)

6 туохтуур #

Күүһүрэн ис, улаат (иэйии, турук туһунан)

Нууччалыы Углубляться; мысленно погрузиться во что-л.; углубляться в себя (в свои мысли, переживания – о чувстве, состоянии)

  • Кини санааргыыра улам дириҥээн испитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Биһиги бэйэ-бэйэбитин суохтаһыыбыт, ахтыһыыбыт өссө күүһүрбүтэ, ол аайы күндүтүк санаһыыбыт дириҥээбитэ.
    П. Аввакумов
  • Макаар, уутугар ылларан, баттаппытынан, улам-улам утуйан барда, ол аайы кини түүлэ улам дириҥээн истэ
    Дьүөгэ Ааныстыырап

7 туохтуур #

Уруккугунааҕар улам сытыырхайан, күүһүрэн ис (туох эмэ дьайыы, сабыдыал туһунан)

Нууччалыы Становиться более острым, напряженным, неспокойным; усиливаться (о чем-л. стихийном, грозном процессе)

  • Дьадьаҥылар маннык кыһалҕаҕа түспүттэриттэн, баайдар кинилэри хайа талбыт хабалаларыгар киллэрэн, баттыгастара ордук дириҥээбитэ.
    Эрилик Эристиин
  • [Омук ыраахтааҕылара Арассыыйа императорын утары ыыппыт сэриилэрэ улам уһаан, дириҥээн иһэр
    М. Доҕордуурап

8 туохтуур #

Олус тэнийэн уһаа-кэҥээ (хол., кэпсэтии, мунньах, мөккүөр)

Нууччалыы Длиться, продолжаться, затягиваться (обычно о чем-л. слишком длинном или томительном, скучном). [Ленин] кулаагы кытта мөккүһэр мөккүөрү улаатыннаран, кэҥэтэн, дириҥэтэн иһэр эбит

  • Оҕонньоттор кэпсэтиилэрэ ыраатан, дириҥээн истэ
    И. Никифоров

9 туохтуур #

Таһымыҥ үрдээ, улам кэҥээ (өй-санаа, билии-көрүү туһунан)

Нууччалыы Углублять, повысить (об уровне знания, сознания)

  • Билигин олох, хаһаайыстыба кэҥээн, тупсан, киһи өйө-санаата дириҥээн иһэр.
    Суорун Омоллоон
  • Кэнники киһи олоҕун опыта үксээн, дириҥээн, айылҕаны улам бэйэтэ баһылаан, үлэ-хамнас күүһүнэн уларытар буолан барар.
    Саха фольк
  • Киһи -- сайдар, өйө-санаата дириҥниир кэмигэр муҥутаан кэрэтийэр
    Н. Лугинов

10 этии #

Нууччалыы Потребности настолько возросли, что невозможно удовлетворить

Этиилэр

Хараҕа (хараҕыҥ) дириҥээбит (дириҥээ)

1) ирдэбилэ, наадыйыыта улаатан, туохха да тук буолбат Олохпут төһөнөн сайдар, инники сыҕарыйар да, соччонон дьон көрдөбүлэ улаатан, сахалыы эттэххэ "хараҕа дириҥээн" иһэр. С. Никифоров. Көрөр хараҕа дириҥээбит билиҥҥи үйэ сайдыылаах аар кырдьаҕаһа. Эрчимэн; 2) сөбүлээб. Олус иҥсэлээх, ымсыы, харам буол (буолбут).

Становиться очень жадным, скупым.

  • Кутуйах түүлэннэҕинэ тоҥор диэбиккэ дылы, кыра ычалаах киһи байдаҕын аайы хараҕа дириҥээн, харчы кулута буолан барара баар.
    ХС
  • Хас биирдии хамсааһыны харчынан сэмсэлээһин кини [ыччат] хараҕын дириҥэтэн, ымсыы оҥоруон сөп.
    ПБН КСКТ

«Д» буукуба