ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэй

туохтуур

Нууччалыы удаляться, отдаляться; отходить от чего-л

Ис хоһооно · 7

1 туохтуур #

Хантан, туохтан эмэ ыраат, ыраата бар

Нууччалыы Удаляться, отдаляться; отходить от чего-л

  • Борокуот куорат турар кытылыттан тэйдэр тэйэн, ырааттар-ыраатар.
    Н. Якутскай
  • [Уйбааскы] кэннинэн хаамыталаан мастан балайда тэйэн баран одууласпыта: тииҥэ, мас саамай чыпчаалыгар тахсан, кутуруга хороллон олорор эбит.
    Л. Попов
  • Кини Ньукулаас уҥуоргу харыйа ойуур иһигэр киирэн көстүбэт буолбутун эрэ кэннэ түннүктэн тэйдэ
    С. Никифоров

2 туохтуур #

Туохха эмэ тиийэн түһэн баран төттөрү көт (хол., мээчиги этэргэ)

Нууччалыы Отскакивать от чего-л. (напр., о мяче)

  • Мээчик тэйэн кээлтин, Сыыһа тэбэн кээстэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хачыгыр чэчэгэйигэр уһуктаах төбөлөөх мас оноҕос супту суйулаан кэлэн саалла түһээт, төттөрү тэйэн умайа турар оһоххо түһэн хаалла.
    Эрилик Эристиин
  • Онтон кыыс ырыата дьиэрэйдэ Очуртан охсуллан тэйэрдии, Кырыарбыт ыар тайҕам иһийдэ Кыыс нарын ырыатын истэрдии
    М. Хара

3 туохтуур #

Кими эмэ кытары чугастык, ыксатык сыһыаннаһаргын тохтот, оннук сыһыаннаһан бүт

Нууччалыы Отдаляться, отворачиваться от кого-л., перестать поддерживать отношения. [Үчүгээйэп:] Билигин мин куһаҕан буолбутум кэннэ, ким даҕаны миигин өйүө суоҕа

  • Бары миигиттэн тэйиэххит.
    С. Ефремов
  • Ити киэһэттэн ыла Сардаана Артуртан букатыннаахтык тэйбитэ, көрсүбэт буолбута.
    В. Протодьяконов
  • Оҕолорум дьон кыһалҕатын тэҥҥэ үллэстэр буолуҥ, доҕоргут табыллыбатаҕына киниттэн тэйимэҥ, күүс-көмө буолуҥ
    КДМ ОККО

4 туохтуур #

Төрөөбүт дойдугуттан өр кэмҥэ эбэтэр букатыннаахтык көһөн бар

Нууччалыы Уезжать из родины надолго или насовсем. [Киис Бэргэн:] Эн бэйэҥ соҕотоҕун Самантан күрээ, -- Оттон мин… Мин манна хаалыах тустаахпын, Төрүт буорбуттан тэйэрим сатам мат

  • – Оттон эн, соҕотох киһи, ол оҕоҕун тоҕо батыспаккын? – Һа, дойдубуттан тэйиэхпин баҕарбаппын.
    С. Никифоров
  • [Миитээ] дойдута барахсантан тэйбитэ хайыы-үйэ алта сыл буола оҕуста.
    НЕ

5 туохтуур #

Күүскэ тэбинэн өрө ойо-ойо сүүр

Нууччалыы Бежать, подпрыгивая, вприпрыжку, подскакивать. [Ат] Көнтөс устата көтөрө улаатта, Улам-улам уунара уһаата, Тэбинэрэ чиҥээтэ, Тэйэрэ күүһүрдэ

  • Кыһын устатыгар хотоҥҥо хорҕойон турбут ынах сүөһү салгыҥҥа тахсан, оонньохолоон бырдааттаата, тэһииккээн тэйдэ, хотонноругар кииримээри куота оонньоото.
    М. Доҕордуурап
  • Кутуруга тойторуйан, Ойоҕоһо күкээрийэн, Сааскы килэҥ ыллыгынан Топ-топ-топ – Сүүрэн тэйэр [кулунчук]. Доҕордоһуу т

6 туохтуур #

Сорох сыһыат туохтуурдары кытта холбоһон санаабыт санааны, туруоруммут сыалы ситиһэн эрэ баран уурайары, тохтууру көрдөрөр

Нууччалыы В сочетании с деепричастием на -ан употребляется в значении "переставать, прекращать делать что-л., только добившись поставленной цели"

  • Кытаанахтык саҕалаатыҥ, кытаанахтык, дьүккүөрдээхтик салҕаа, тиһэҕэр тириэрт, эйэлэһиитэ, кэхтиитэ суох, санаабыккын хайаан да олоххо киллэрэн тэй.
    Болот Боотур
  • Ыһааччылар огурунуом модьуйуутун хап-сабар толорон бараллар – кини эттэр эрэ толорторон тэйэрин билэллэр.
    П. Егоров
  • Кынтояров олус дьаныардаах киһи, мин кинини кытта бииргэ үөрэммитим, билэбин: туруоруммут сыалын ситиһэн баран тэйээччи
    ХС

7 этии #

Этиилэр

Мэй-тэй буол (бар) көр мэй-тэй

  • Уһуутуу-уһуутуу тугу гыныан, ханна барыан билбэккэ мэй-тэй буолан олордо.
    А. Сыромятникова
  • Онтон салгыы кыайан аахпатаҕым, хараҕым ирим-дьирим буолан мэй-тэй барбытым.
    Г. Колесов

Сиртэн-буортан тэйбит курдук (тэйбиккэ дылы) көр сир

  • Кыргыттар хаамыылара дьахталлартан туох эрэ уратылаах. Ол кинилэр сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы чэпчэкитик, кулуһун оттуу көнөтүк туттан, дьулурҕатык хааман сэгэлдьийэллэриттэн эбитэ дуу!
    Далан
  • Ира уон үс-түөрт саастаах, синньигэс, көнө уҥуохтаах, сиртэн-буортан тэйбит курдук тутта-хапта сылдьар кыысчаан.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
  • Сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы үөмэн хаамар, киэҥ эрилкэй харахтаах, нарын-намчы сэбэрэлээх -- Чыбылык уола Бырах диэн сааһын тухары бултаан айаҕын ииттэн олорбут киһи баара.
    В. Чиряев
  • Ср. ДТС теҥ ʽподниматься, взлетатьʼ

«Т» буукуба