Перевод с якутского
туол
туохтуур
Нууччалыы становиться полным, наполняться кем-чем-л
English to be full or filled
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Киминэн, тугунан эмэ сөп буолар гына киэптэн, симилин
Нууччалыы Становиться полным, наполняться кем-чем-л
Отонноотоххо оҥоойук туолар (өс хоһ.). Үрэхтэр сүүртүлэр – Толооннор туоллулар. Болот Боотур Күнүскү ыам буолан, тиэргэн туолан, тигинээн-таҥынаан турар М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Тугунан эмэ (тыаһынан, сытынан, тылынан-өһүнэн о. д. а.) бүүс-бүтүннүү тунулун, сабардан
Нууччалыы Становиться наполненным, насыщенным, пропитанным, наполняться чем-л. (шумом, запахом, слухами и т. д.)
Айылҕа, этиҥнээх ардахтан уоскуйан, Арамаат сытынан туолбута. Күннүк Уурастыырап Түөлбэ киэҥ сайылык Өссө тупсан Оҕо саҥатынан туолар, Дьон ырыатынан ньиргийэр. С. Васильев [Сандаарка:] Нэһилиэк иһэ туолбут дии: Сандаарка Сарапыанаҕа Барахсаанап сыбыытаабыт үһү диэн С. Ефремов
3 туохтуур #
Ханнык эмэ иэйиигэ бүүс-бүтүннүү ыллар
Нууччалыы Быть полностью охваченным, объятым каким-л. чувством
Оҕотун дьон хайгыырыттан Хабырыыс ийэтин сүрэҕэ үөрүүнэн туолар. Н. Якутскай Имэҥинэн туоллахха, Илбиһирэн турдахха, Киһи тугу кыайбат буолуой, Кимтэн-туохтан тутуллуой?! Күннүк Уурастыырап Уоскуйан испит Маша сүрэҕэ эмиэ сорунан-муҥунан туолан кэллэ М. Доҕордуурап
4 туохтуур #
Олоххо киир, ситиһилин (санаа, былаан, сорудах о. д. а. туһунан)
Нууччалыы Становиться реальным, осуществляться, выполняться (о желании, плане, задании и т. д.)
Бөлүһүөктэр эппиттэрэ хаһан да сыыһа буолбат, туолан иһэр.
П. ОйуунускайКыһыныгар -- араас былаан, соҕотуопка туолумаары ыксатар. Амма Аччыгыйа Итэҕэй – туолуоҕа ырабыт, Мин сиэним, эн ону көрүөҕүҥ. С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Түүл эрэ барыта туолбат
Н. Лугинов
5 туохтуур #
Төһө эрэ кэмҥэ-кэрдиигэ, болдьоххо кэл, төһө эрэ кэмнээх, саастаах буол
Нууччалыы Достигать определённого временного предела, истекать, исполняться (о сроке, возрасте)
Сүүрбэ биир сааспын туоларбар, -- мин байыаннай оскуоланы туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитим. Н. Якутскай Үс сыла туолла эрэйи-муҥу көрбүтүм. Н. Заболоцкай Тоҕус чаас туолла да бэрэдэбиэс маҕаһыынын аһан быстыбата В. Ойуурускай
6 туохтуур #
сөбүлээб. Туох эмэ олус дэлэйигэр сылдьан, сөп буол, аһара бай-тот
Нууччалыы Получать что-л. в избытке, сверх меры, пресыщаться чем-л. (напр., богатством)
Бэйэм аспар туолан бараннар, көрүөхтэрин-харайыахтарын билиминэ ампаарбын алдьаттахтара! Эрилик Эристиин [Остуорас Охоноос] сопхуос аһыгар туолан-туолан, төбөтүнэн тыыммыта дьэ бэрт этэ. “ ХС
7 этии #
Нууччалыы Думать о чём-л. постоянно, голова распухла от дум (букв. голова переполнилась)
Этиилэр
Айыыта туолар көр айыы III
Ардыгар саныыгын, быһатын эттэххэ, "Айыым бу туоллаҕа". С. Васильев
Аҥаарыйа туол көр аҥаарыйа
Аҕыс уон сааспын Аҥаарыйа туоламмын, -- Өлөр күнүм бүрүүкээн Олордоҕум үһү, оҕолоор! С. Зверев
Иһитэ туолбат көр иһит III
Икки атах туохха даҕаны иһитэ туолбат, баҕата хаммат диэн бар дьон сөпкө да этэллэр эбит. Күннүк Уурастыырап
Иһитэ туолбут көр иһит III
Далла уола ортоҕунан томтойбуккун, кытыыгынан басхайбыккын, иһитиҥ туолбут, сэтиҥ-сэлээниҥ сиппит эбит. М. Доҕордуурап
Кудуга туолбат көр кудук
Кудуга туолбатах, Кулахайа хараабатах -- Ньүкэн Буурай удьуордаах -- хотуннаахтар эбит.
П. Ойуунускай
Кытыйата туолла көр кытыйа
Маҕалайа (маҥалайа) туолбат (хаммат) көр маҕалай (маҥалай)
Буор маҕалайдара туолбат Дуулаҕа дохсун бурсуйдар Үөр бөрөлүү үмүөрүстүлэр, Сырҕан эһэлии сырыстылар. С. Зверев
Сэт-сэлээн сиппит, сэмэ-суҥха туолбут көр сэт-сэлээн
[Нүһэр Дархан:] Эмэгэт илэ саҥарда. Сэтим-сэлээним туолара чугаһаабытын биттэннэҕэ дуу? И. Гоголев
Төбөтө (баһын иһэ) туолла Ү
туох эмэ санааҕа-онооҕо ылларда Даша төбөтө араас санааларынан туолан, дьиэтигэр элэстэнэн кэллэ.
Араас ынырыктаах санааларынан кини баһын иһэ туола истэ. ХС
Үтэһэтэ туолла көр үтэһэ
Үтэһэтэ туолбатах үтүмэн үтүргэни кэлин тиһэх дьүүллээччи -- кэлэригэр сөп буолла!
Суорун Омоллоон[Вася – Владикка:] Үтэһэҥ дьэ туолла ини. Э. Соколов
Хараҕа туолар көр харах
Уол оҕо хараҕа буур тайахха туолар (өс хоһ.). Бу даҕаны биир киһи хараҕа туолар түүлээҕэ, ама да, кини баайын иһин. Н. Якутскай
Хараҕа туолбат көр харах
Баайга баҕалара хаммакка, харчыга харахтара туолбатах баайдар, күөх истэр, аан алдьархайы оҥорторбут эбиттэр.
П. ОйуунускайЭчи, кинилэр обургулар харахтара туолбатын эриэхсит! Н. Якутскай
8 этии #
Нууччалыы Полная луна
Этиилэр
Туолбут ый
үүнэн төгүрүччү толору буолбут ый Ситэ туола илик кэлтэгэй ый, ханньастыгас сирэйдии малайан, туман быыһынан өлбөөдүйэн турара.
Туолбут ый тыа быыһыгар ыйаммыт курдук санньыйбыт. А. Фёдоров
Үөһэ туолар
арыылаах, аһыы аһы олус элбэҕи сиэн, айаҕар ап-аһыы амтан кэлэр, хотуолуур, иһэ ыалдьар.
Испытывать недомогание, связанное с горечью во рту, рвотой, болями в животе, желчь застаялась.
[Маайа:] Ольга, торбос өлүүтэ элбээри гынна. Дьахталлар, туой үөһэ туолан өлөр дииллэр. С. Ефремов [Кинээс] үөһэ туолбут уонна төбөтүн хаана ыкпыт.
Л. Толстой
Өссө холобурдар (1)
ДТС, тюрк. тол