Перевод с якутского
кутулун
туохтуур
Нууччалыы покрываться или закапываться
English to be covered or buried
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Нууччалыы покрываться или закапываться
English to be covered or buried
кумах суолга кутулунна дорогу занесло пескомthe road was covered with sand / sand covered the road
2 туохтуур #
Нууччалыы наполняться; пополняться
English to fill up, to be replenished
дьон хоско кутуллан киирдилэр комната была полна людейthe room was full of people / people filled the room
3 #
Үөһэттэн саккыраан түс, сүүрүгүр эбэтэр туох эмэ убаҕаһынан иһити толор: хотоол сиргэ халыйан таҕыс (хол., халаан уутун туһунан)
Нууччалыы Струиться, стекать сверху, литься в какой-л. сосуд; разливаться (о половодье)
Аппа сир устун Айманан айаннаата, Хотоол устун Кутуллан куугунаан кулдьугураата. А. Софронов Кыайыы көрдөөх ыһыаҕар Кымыс буолан кутуллан Көмүс чороон иһигэр Күлүмүрдээн көһүннүн П. Тулааһынап
4 #
Туох эмэ бытархайы (туораах бурдугу, кумаҕы, хаары о. д. а.) кут, тох
Нууччалыы Рассыпать, насыпать что-л. сыпучее (зерно, песок, снег и т. д.)
Абааһыны дьиэҕэ киллэрбэккэ кыйдыыр ньыма үгүс. Аан холуодатын анныгар уоттаах күлү кутуллар. Абааһы аал уоттан олус куттанар. Амма Аччыгыйа Ыччакабын даа! Хаар эмиэ саҕатыгар кутулунна П. Тобуруокап
5 #
Биир бириэмэҕэ элбэх буолан киирэн, дьиэни толор
Нууччалыы Заполнить помещение собой (о вошедших одновременно в большом количестве)
Чэ, баран аһыах. Билигин эмиэ кутулла түһүөхтэрэ. Софр. Данилов. "Атастаар, манна ааһыҥ!" – диэн учуутал саҥата иһиллэрин кытта маскарааттар биһиги баар сирбитигэр кутуллан киирбиттэрэ Д. Таас
6 #
Ууллубут металтан киэпкэ, халыыпка кутан оҥоһулун
Нууччалыы Изготовить что-л. литьем расплавленного металла
Боруонсаттан кутуллан, Ленин, эн, Тураҕын киэҥ саала иһигэр Эн иннигэр кыыһар төлөнүнэн Кыһыл Знамя нөрүйэр. П. Тулааһынап Кыһыл көмүстэн кутуллубут кур тылыгар биһиги олоҥхобут сюжетыгар хабааннаах ойуу оҥоһуллубут Эрчимэн
7 #
Тарҕан, дуораһый, иһилин (муусука, тыас о. д. а. тустарынан)
Нууччалыы Распространяться, разливаться, литься, звучать, слышаться (о музыке, звуке и т. п.)
Күөх тыам тыллаах чыычааҕа күйгүөрдэҕэ диэбитим, Хомус холоонноох куолаһыҥ Кутуллан эрэр эбит дии. С. Данилов Этим сааһынан, уҥуоҕум куодатынан, Хааным тымырынан, Тула өттүбүттэн Дорҕоонноох муусука Долгуйа кутулунна С. Зверев
8 #
Өйгө-санааҕа, сүрэххэ-быарга иҥ, түс, долгут (иэйии туһунан)
Нууччалыы Проникать, волновать душу, сердце (о чувствах)
Тапталлаах Ильичпит эппит тыла тарҕанна Сырдык, чаҕылҕан кыыдамнарынан, Мөлүйүөнүнэн сүрэхтэргэ кутулунна Мөлтөөбөт революционнай энергиянан. Эллэй. Киниэхэ кутуллан киирбит үөрүү хараҕын уутун ыган таһаарбыта, Өтөр уоскуйан биэрбэккэ ытаата М. Доҕордуурап
9 #
Халыйан киир, үргүй (туман, тымныы туһунан)
Нууччалыы Проникать, просачиваться, заполняя пространство (о тумане); дуть, сквозить (о холоде)
Аан аһылла түһэрин кытта тымныы тумана өрүһүспүттүү кутулунна. М. Доҕордуурап Алаас иһэ, Аппа толоон Аам-даам тымныы Хойуу чаан туманынан Кутуллубуттар П. Тобуруокап