Перевод с якутского
налыс
налый диэнтэн холб. туһ. Үрэх бүөрүн кэтэх өттө лаглаҕар лабаалаах хойуу хатыҥ мастар, хаары бүрүнэн, бэдэр, таарбаҕан саҕынньахтаах былыргы хотун дьахталлар хаамсан хотолдьуһан иһэллэрин курдук, налыһан, намылыһан тураллар. В. Протодьяконов Сибилигин ардыахха айылаах ыарахан хараҥа былыттар тииттэри үрдүлэринэн налыстылар. И. Сосин Баараҕай бардам байҕаллар Чуумпуран налыһаллар. П. Тулааһынап