ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кугас

даҕааһын

Нууччалыы рыжий, красно-бурый; красновато-желтый

English brown

1 даҕааһын #

Кытархайдыҥы саһархай дьүһүннээх

Нууччалыы Рыжий, красно-бурый; красновато-желтый (преимущественно об окрасе животных)

  • Тыа иһиттэн кугас борооску ойон таҕыста.
    Амма Аччыгыйа
  • Валерий Иванович өрө тарааммыт кугас баттаҕа чанчыгын диэкинэн кырыарбыт.
    Л. Попов
  • Айаҥҥа сылайаннар, Аара сынньаммыттар, Кугас куоска үтэни икки гына үллэрбит.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. бур. коа 'светлокрасный с желтыми крапинами (о корове)'

2 этии #

Нууччалыы Полностью, сплошь рыжий (в том числе и грива и хвост - о масти лошади)

Этиилэр

Кугас улаан көр улаан

Ол анараа өттүттэн -- Огдуобалыыр дьахталлар Кугас улаан аттары Кудулуччу хаамтаран, Кутурук көтөҕөн иһэллэр. С. Зверев. Кугас элэмэс - кугас эриэн дьүһүннээх (сылгы-сүөһү).

Пегий, пятнистый, пестрый с рыжим (о масти лошади).

  • Бөлөнүүскэй уола "Сындыыс" диэн кугас элэмэс сүүрүк аттааҕа үһү.
    Н. Павлов
  • Ааны аспыттара: ыйдаҥатааҕы тиит күлүгүн саҕа баҕайылар, кугас элэмэс аттарын баайталаан, тиэргэҥҥэ дыабаҥнаһан эрэллэрэ үһү.
    Н. Павлов
Өссө холобурдар (11)
  • Кугас элэмэс - кугас дьүһүн олоччу уонна тураҕас дьүһүн киирэллэр. ОМГ ЭСС. Кугас эриэн - кугаһы кытта атын өҥ булкаастаах (ынах сүөһү, ыт дьүһүнүн туһунан). Желтопестрый (о масти животных). Мэхээлэ оҕуһун кымньыынан куус гына сырбаппыта, кугас эриэн оҕуһа, -- ат курдук сиэлэн лаһыйбытынан барда.
    А. Сыромятникова
  • Үгүс ыт дьүһүнэ бороҥ эриэн, хара эриэн, кугас эриэн буолар. АФС БЫ. Симментальскай сүөһү дьүһүнэ сүнньүнэн сырдык күрэҥ, кугас эриэн буолар. Ыанньыксыт с. Куочай кугас - ханан да атын булкааһа суох бүтүннүү кугас, бүтэй кугас (сүөһү, кыыл өҥүн туһунан). Красновато-рыжий, полностью рыжий (о масти животных). Омоҕой баай кутуруга, муоһа суох куочай кугас ынаҕы, биир татаардаах биэни чаастаан -- Эллэйдээҕи олох арааран кэбиһэр.
    Саха фольк
  • Туттар сүөһүлэрэ, саха киэнэ сылгы-ынах буолар, дьүһүнүн аахтахха маннык: куочай кугас, тараах күрдьүгэс, мас күлүгүн курдук бар хара. БСИ ЛНКИСО. Куочай кугас солоҥдо Халдьаайынан сырбайда, Куула тыанан курбайда.
    ХС
  • Моҥул кугас - маҥан сиэллээх, кутуруктаах, атына кугас уонна кыһыл тураҕас икки ардынан хараҥа кугас (сылгы өҥүн туһунан). Темнорыжий со светлой гривой и хвостом (о масти лошади). Чыҥыс Хаан чулуу уонна талыы боотурдара тыыннаах сылгы хаанын иһэ сылдьар дьон бары моҥул кугас аттаахтара. КДьА. Өһөх кугас - өһөх өҥнөөх (сүөһү). Меднорыжий (о масти животных). Өһөх кугас сүөһү. Солоҥдо кугас - солоҥдо өҥүн курдук дьүһүннээх (сылгы өҥүн туһунан). Рыжий (о масти лошади). Солоҥдо кугас сылгы. Туос кугас - сырдык араҕас (сылгы дьүһүнүн туһунан). Светложелтый (о масти лошади). Туос кугас сылгы. ПЭК СЯЯ. [Байбал түһээтэҕинэ:] --Туора Тумул өтөҕүттэн Туос кугас, толоос улахан, Адаҕалаах атыыр оҕус, Айаатаан-мөҥүрээн тахсан -- Утары ойон кээспитэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Чахчы ураты эбиттэр Латвияҕа сүөһүлэрэ - Тоҕо эрэ сүүс бырыһыан, Туос кугастар дьүһүннэрэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тымтык кугас - сырдык араҕас дьүһүннээх (сылгы өҥүн туһунан). Соловый (о масти лошади). Тымтык кугас сылгы. Уоһах кугас - сымыыт уоһаҕын курдук дьүһүннээх (сылгы өҥүн туһунан). Красновато-желтого цвета, (наподобие яичного желтка - о масти лошади). Соҕуруу илин туһунан, Суо айыыһыттарын суоллара диэн, Уоһах кугас сылгыны Кэрэх туттан ыйаабыт.
    С. Зверев
  • Уот кугас - уот өҥүн курдук дьүһүннээх (сүөһү, кыыл, баттах өҥүн туһунан). Огненно-рыжий (о масти животных, волосах). [Лэглээриннэр] "Кугастаайы" диэн, кыһылынан тиэритэ көрүтэлээн кэбиспит, үргүүк умайар уот кугас оҕустаахтар.
    Амма Аччыгыйа
  • [Эһэ] өссө эбиитигэр уот кугас үһү. Кутуруктааҕа эбитэ дуу?
    Далан
  • Уот кугас баттахтаах, таракаан муоһунуу адаарыйбыт бытыктаах, байыаннай таҥастаах нуучча киһитэ, -- киирэн кэллэ.
    Л. Попов
  • Хоҥор кугас - кутуруга, сиэлэ сырдаан, онтон атына кытарымтыйан көстөр (сылгы өҥүн туһунан). Соловый (о масти лошади). Баһылайдыыр кулуба Баттамалаах оҕото, хоҥор кугас аттаах Холуода хаарты оонньуурдаах. Саха нар. ыр. II. Аҕатыгар Накыйбахха хоолдьуга гыммыт хоҥор кугас атын миинэн Күндүлгэ тиийбит этэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Чүмэчи кугас - сиэллиин, кутуруктуун туох баар өҥө-түүтэ бүтүннүү сырдык саһархай (сылгы өҥүн туһунан). Желтый, как заболонь (о масти лошади). Былыр Бүлүү сахалара сылгыны дьүһүннүүллэринэн чүмэчи кугас диэн өҥ баара. "ББ"

«К» буукуба