ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

улаан

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы чалый, со светлыми гривой и хвостом

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Кубархай сиэллээх, кутуруктаах өлкөкү кэрэ, сырдык көҕөччөр (сылгы дьүһүнүн туһунан)

Нууччалыы Чалый, со светлыми гривой и хвостом (о масти лошади)

  • Хара убаһа хаспыт, улаан убаһа уулаабыт үһү (тааб.: анньыы). Уулаах таҥхайбыт быһыылаах, тараах туйахтаах улаан аты сэргэттэн сүөрэн ылла.
    Эрилик Эристиин
  • Тураҕас биэбит Тунаҕа барҕардын, Улаан биэбит Уйгута дэбилийдин!
    С. Васильев

2 даҕааһын #

Сырдыктыҥы бороҥ, кубархай

Нууччалыы Светло-серый

  • Хотугу өрүс хастаммыт улаан мууһунан туундара суола уҥуоргу кытылга тыргыллар.
    Н. Габышев
  • Буруо өҥнөөх улаан былыттан холку баҕайытык аны хаар түһэн намылыйда.
    ХС
  • Дьиэ куоската баччааҥҥа диэри Африкаҕа ордон сылдьар дьиикэй улаан куоскаттан үөскээбитэ.
    ББЕ З
Өссө холобурдар (3)
  • Уруута-тарыыта тэрий, Уҥа-хаҥас өттүгэр Улаанна охторууй!
    П. Ойуунускай
  • “Оттон атым? Ханнаный миэнэ улааным?” – диэн баран, соһуйбуттуу тула көрөбүн.
    Н. Заболоцкай
  • Маша аҕатын улаана айаннаан туйаҕын тыаһа лаһыгырайар
    М. Доҕордуурап

3 аат тыл #

суолт. Улаан дьүһүннээх сылгы

Нууччалыы Лошадь чалой масти со светлыми гривами и хвостом

4 этии #

Этиилэр

Кэрэ кэһиитэ көр кэһии I

  • Улаанын уйгутун Олооччулаах атаҕынан оломноон, Кэрэтин кэһиитин Кэтинчэлээх атаҕынан кэһэн [Бухатыыр киһи олорбута].
    Суорун Омоллоон
  • Улаан биэбит уйгута Утаппыты уолдьаттын, Кэрэ биэбит кэһиитэ Кэҥсэйбити дьэгдьиттин. Күннүк Уурастыырап

5 этии #

Нууччалыы Рыжий со светлыми гривой и хвостом (о масти лошади)

Этиилэр

Кугас улаан

сиэлэ, кутуруга сырдык, атына кугас (сылгы дьүһүнүн туһунан) Кыһыл улаан – сиэлэ, кутуруга хараҥатыҥы, бэйэтэ кытаран көстөр бороҥ (сылгы дьүһүнүн туһунан).

Красновато-серый с темными гривой и хвостом (о масти лошади).

Саһыл улаан

сиэлэ, кутуруга сырдык, бэйэтэ саһархайдыҥы (сылгы дьүһүнүн туһунан).

Светлосоловый со светлыми гривой и хвостом (о масти лошади).

Сырдык улаан

сиэлэ, кутуруга сырдык, сиһин ороҕо, ойоҕосторо кытархайдыҥы (сылгы дьүһүнүн туһунан).

Красносоловый со светлыми гривой и хвостом (о масти лошади). Улаан ньуур фольк.

  • – олоҥхо геройун ыраас сэбэрэтин, кэрэ дьүһүнүн хоһуйар уларыйбат эпиитэт. Постоянный эпитет, описывающий красивый облик героев олонхо. Ону баара [Бодойбо көмүһүн] Улаан ньуурдаах, Уус-уран санаалаах, Уу дугуй сүһүөхтээх Урааҥхай киһи Уһуннарбакка [булла].
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Кыыс Ньургун – Буура Дохсуҥҥа:] Тоҕо урааҥхай оҕото эрээри, улаан ньуургун уларытан, одун халлаан улаҕатыттан орулуостуу ордоотоон түстүҥ?
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Эттээх бууппун эрэнэммин Эргэ барбатах иэдээммин, Улаан ньуурбун улаатыннаран Олохпун булбатах муҥмун.
    С. Зверев

Улаан сиэр

бэйэтэ кугастыҥы бороҥ, сиэлэ, кутуруга хараҥа (сылгы дьүһүнүн туһунан).

Саврасо-серый с темными гривой и хвостом (о масти лошади). Кини улаан сиэр буолуохтаах этэ дии саныыр. Н. Босиков.

  • Улаан сиэр сылгыны үгүстүк улаан дииллэр. КДьА.

Улаан сылгы көр сылгы

  • Улаан сылгы уу хаһата Утахтанан, олус уойбут. Эллэй. Манчаары уҥуох уҥуоҕа, субу уулаабыт улаан сылгы курдук, халыр босхо баран, титирэстии турар. С. Федотов

«У» буукуба