ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

курбуу

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы длинный тонкий и гибкий

1 даҕааһын #

Уһун синньигэс, имигэс (ураҕас туһунан)

Нууччалыы Длинный тонкий и гибкий (о шесте)

  • Кус чугас түстэҕинэ эбэтэр устан чугаһаатаҕына, уһун синньигэс курбуу ураҕаһынан охсорбут
    Т. Сметанин

2 аат тыл #

суолт. Балачча биллэр сурааһыннар, балаһалар кэккэлэрэ

Нууччалыы Ряд заметных морщин, полос и т. д

  • Кынаттыы иэҕиллибит хойуу хара хааһа түрдэстэ хамсыыр. Быыкаа дэхси сүүһүгэр дириҥ курбуулар туора-маары түһэн истилэр.
    Д. Токоосоп
  • Ср. телеут. курбу 'выпуклая поверхность, гряды в поле, ряды скошенной травы, рубцы на теле'; монг. гурби 'маленькое возвышение'

3 этии #

Нууччалыы Один из постоянных эпитетов среднего мира (планеты Земля): с разнообразной природой, ландшафтом и т. д

  • Орто курбуу туруу дьаҕыл дойду фольк. - Орто дойду (киһи аймах олорор сирэ) уларыйбат эпиитэттэриттэн биирдэстэрэ: эҥин араас айылҕалаах, ньуурдаах, көстүүлээх Орто курбуу дьаҕыл дойдум, Муостаах нуоҕайдаах бэргэһэ Туоһахтатын курдук буолан, Туналыйан-туйааран көһүннэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Орто курбуу туруу дойдуга Одун-хаан оҥоруутунан -- Үтүмэхтэнэн түһэн, Үс саха киһи Үөскүөҕүттэн ыла Иэримэ дьиэ иччилэнэ илик.
    П. Ойуунускай
  • Уот курбуу тыл - уоттаах-төлөннөөх, сытыы тыл. Θ Пламенная речь. Ойуунускай -- улам уоҕуран-күүһүрэн, уот курбуу тыллары дэхси-дэгэт түһэртээн, этэн-эҥсэн киирэн барда.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (4)
  • Уот курбуу чаҕылҕан - чаҕылҕан халбаҥнаабат эпиитэтэ: олус чаҕылхай, сырдык, сарадахтаах. Θ Постоянный эпитет молнии: очень яркий, ветвистый (особенно в ночное время). Уот курбуу чаҕылҕаннарынан тырытта-тырытта, ыас хара былыт халыйан тахсыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Уот курбуу тоһуттар уотунан Күлүмнүү оонньоото чаҕылҕан Этиҥнэр уордаахтык хабылла Хабараан дарбааны тартылар.
    И. Федосеев
  • Үрдүк (уһун) курбуу (курдук) уҥуохтаах - уһун синньигэс көнө уҥуохтаах. Θ Высокий, тонкий и стройный, гибкий. Үрдүк курбуу уҥуоҕугар сөбө суох хатыҥыр -- эдэркээн Тускаев тыл этэн барбыта.
    Эрилик Эристиин
  • Курбуу курдук уһун, дьылыгырас уҥуохтаах эдэр киһи саҥа дириэктэринэн ананан кэлбитэ. "Кыым"

«К» буукуба