ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньымса

даҕааһын, аат тыл, сыһыат

Нууччалыы гибкий, ловкий и быстрый

1 даҕааһын #

Имигэс, сымса, түргэн хамсаныылаах

Нууччалыы Гибкий, ловкий и быстрый (в движениях)

  • Бырайыактыыр институт дьоно биһигиттэн адьас атыннар ээ. Хайдах эрэ ис-истэриттэн имигэс, ньымса көрүҥнээхтэр.
    Н. Лугинов
  • [Баһылай] эдэр ньымса дьахтары чахчы кини салайан, сэргэх-сэргэхтик сэгэлдьийэ хамнанан, дьоҕустук доролдьуйа үктэнэн, имигэстик эргийбэхтии охсон, үҥкүүлээн быакайан киирэн барбатах үһү дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Сытыы, ньымса оҕолор, Сыссыыны ыытыахпыт, Охсуулаах үлэни
    Оргутуохпут! Күндэ

2 аат тыл #

суолт. Имигэһэ, сымсата, түргэнэ

Нууччалыы Гибкость, ловкость, скорость в движениях

  • Эн ити мин саҕынньахпын кэт, сылаас буолуо. Бу эйиэнэ чэпчэкини ньымсаны сатыы киһи мин кэтиэм.
    Суорун Омоллоон
  • Имигэһэ, ньымсата, түргэнэ -- дьиҥнээх бөҕөс майгынныын дьүөрэлэһэрэ.
    Н. Лугинов
  • [Сахалар тоҥустары] ордук чорбото тутан булка сатабылларын, хорсуннарын, ньымсаларын кэпсээн оҥостоллоро
    Багдарыын Сүлбэ

3 сыһыат #

суолт. Имигэстик, сымсатык, түргэнник

Нууччалыы Ловко и быстро

  • Көстөкүүн үҥүүнэн түһэн эрдэҕинэ, кыыл куоскалыы ньымса баҕайытык туора ойон, -- айаҕын кытарчы аппытынан Көстөкүүҥҥэ ыстанна.
    Л. Попов
  • Булчут туохтан итинник күүстээх, ньымса, кыраҕы, чуор -- буолара буолуой?
    И. Данилов
  • Сааска халыҥ-искэҥ эдэр киһи - күүһүнэн үчүгэй уонна ньымса, онон Иҥэрчэҕэ утарылаһыан да сөп курдук этэ.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. эвенк. нимсэ ‘ловкий’

«НЬ» буукуба