ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыһыл

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы красный.

English red

Ис хоһооно · 8

1 даҕааһын #

Хаан курдук өҥнөөх

Нууччалыы Красный. Мааны таҥаска баҕалаах, Кыһыл таҥаска кыһалҕалаах. Өксөкүлээх Өлөксөй. Кыракый кыһыл былааҕы астылар. Амма Аччыгыйа. Күөх, кыһыл, маҥан - араас сибэккилэр, Сыһыыларбар араастаан чэлгийэллэр. С. Данилов

  • Эмиэ туох эрэ кыһылы уоппут.
    Амма Аччыгыйа
  • Саһыл кыһыла хараҥаҕа соччо көстүбэт.
    Н. Заболоцкай
  • Уулаах отон кыһыла кырдал аайы кыым буолан чаҕылыйар. К. Кулиев (тылб.)

2 даҕааһын #

Кытарымтыйан көстөр, кытархай, кугас

Нууччалыы Рыжий. Кыһыл ынах маҥырыы-маҥырыы сүүрэр (тааб.: өрт уота). [Украинец] кыһыл бытыктаах этэ. Эрилик Эристиин

3 даҕааһын #

Кыһылга сыһыаннаах

Нууччалыы Относящийся к красным

  • Баабылап уруккута кыһыл бартыһаан.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыһыл сэриилэр ханна бааллара биллибэт.
    В. Протодьяконов
  • Сир ахсын кыһыл этэрээттэр тэриллибиттэрэ
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (4)

4 аат тыл #

Туох эмэ кыһыл, кытархайдыҥы өҥө

Нууччалыы Красный, рыжий цвет чего, кого-л

5 даҕааһын #

көр арыгы. Кыратык кыһылла Амсайыахха дуу, хайдаҕый? Күннүк Уурастыырап. Биирдии кус сууйуута биирдии кыһыл. В. Яковлев. Арыгы бииһин ууһа үрүҥҥэ, кыһылга, десертнэйгэ арахсар. ЭХК

6 аат тыл #

истор. Гражданскай сэрии кэмигэр саҥа Сэбиэскэй былааһы көмүскэһэр байыаннай киһи, дьон

Нууччалыы Красный, красные (истор., воен.)

7 этии #

Нууччалыы Утомлять, доставлять много страданий путнику (о местности)

Этиилэр

Кыһылынан көр - кытарбыт, кыыһырбыт хараххынан көр

Смотреть налитыми кровью глазами, злобно.

  • "Кугастаайы" диэн кыһылынан тиэритэ көрөн кэбиспит -- уот кугас оҕустаахтар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыһыл ытыһынан - туга да суох, кураанах. С пустыми руками. [Ыалдьыты] утары уунара суох кыһыл ытыспынан көрүстүм.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
  • [Сыбаайбаҕа] кыһыл ытыспытынан тиийэбит дуо?
    С. Дадаскинов
  • Кыһыл этинэн көрөр - аһаҕас дириҥ баастанар. Иметь живую открытую рану. Икки ньилбэгин тириитэ соролонон түһэн, бүтүн ый тухары кыһыл этинэн көрөр. А. Сыромятникова

8 этии #

Нууччалыы Светло-красный, алый

Этиилэр

Кыһыл Дуоска көр Бочуот Дуоската

Дукаай икки Дьарааһын икки -- Кыһыл Дуоскаҕа суруллубуттар. Күндэ. Кыһыл кирпииччэ - уматыллыбыт, тутууга, оһоххо туттуллар кирпииччэ.

Красный, огнеупорный кирпич.

  • Дьиктилээх куорат Тутуллар кыһыл кирпииччэтин Биирдэстэрэ - мин.
    П. Тобуруокап

Кыһыл көмүс көр көмүс II

  • [Муссерен] икки кыһыл көмүс мэтээллээх.
    Эрилик Эристиин
  • Нараҕаннаах Лоокуукка кыһыл көмүс чоху ытарҕаны кэтэрдэллэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап.

Кыһыл көмүс сыбаайба көр сыбаайба

Скрябиннар кыһыл көмүс сыбаайбаларын үөрүүлээхтик бэлиэтээн аһардылар. "ЭК". Кыһыл көмүс пуонда - туох эмэ уһулуччу сыаналаах, суолталаах саппааһа.

Золотой фонд. Кини [А. И.

  • Софронов] пьесалара Саха литературатын кыһыл көмүс пуондатыгар киирбиттэрэ. "Кыым". Кыһыл көмүс боччук истор. - орототугар кыһыл көмүс уулларыллан кутуллар бөкүнүк кыра туой көһүйэ. Глиняный горшок, в котором плавили золото. Былыр саха уустара кыһыл көмүс боччук диэн тэрили тутталлара. Кыһыл кумах - хайа кумаҕа. Горный песок. Кыйыра көтө турар Кыһыл кумахтаах -- дойду эбит. Ньургун Боотур. Кыһыл кычык түөлбэ. - уот сиэбит сиригэр үүммүт титирик ыркыйа. Заросли молодой лиственницы на гари. Үрэх уҥуор кыһыл кычык көстөр. Кыһыл кута зоол. - көмүскэнэригэр дьөлө сиир убаҕаһы тыктарар хомурдуос. Бомбардир (жук).

Кыһыл кытыан көр кытыан

Көҥүс икки өттүнэн кыһыл кытыан -- бөлөх-бөлөх кытыастан турар. Амма Аччыгыйа. Кыһыл мас - хара эбэтэр харатыҥы от күөҕэ өҥнөөх, үрдүк суортаах столярнай оҥоһукка туттуллар, тропическай дойдуга үүнэр олус кытаанах мас.

Красное дерево.

  • Кыһыл маһы күндү миэбэли оҥорорго туһаналлар. КВА МГ. Кыһыл моонньоҕон түөлбэ. көр хаптаҕас. Көҥүскэ кыһыл моонньоҕон үүммүт. Кыһыл муннук - 1) тэрилтэ култуурунай-сырдатар үлэни ыытарга аналлаах хоһо, муннуга. Красный уголок. Кыргыттар кыһыл муннук тэрийбиттэрэ. Далан; 2) спорт. тустууга, буоксаҕа киирсэр дьонтон биирдэрэ көбүөргэ, риингэҕэ тахсар, сынньанар анал миэстэтэ. Красный угол (спорт.). Сынньалаҥ кэнниттэн аны кыһыл муннук бөҕөһө сэрэтии ылар. "Кыым". Кыһыл оҕо - төрөөбүтүнэн оҕо (1-2 ыйдаах). Новорожденный младенец. Ийэтэ, (кини) кыһыл оҕо эрдэҕинэ, өлбүтэ.
    Суорун Омоллоон
  • Балааҕыйа кыһыл оҕотун эмиийдээбитинэн барбыта.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Кыһыл отон түөлбэ. көр уулаах отон. Кыһыл отон үүнүүтэ үчүгэй. Кыһыл салахай бот. - кытархай өҥнөөх, уу дириҥэр үүнэр, умнаһа, силиһэ, сэбирдэҕэ суох олус синньигэс үөскэхтиҥи үүнээйи. Красная водоросль. Муораларга, океаннарга ордук буурай уонна кыһыл салахайдар үгүстэр.
    КВА Б

Кыһыл саһыл көр саһыл

Дьааһык аайыттан биирдии кыһыл саһыл уорҕата быган көстөр. Суорун Омоллоон. [Булчут кулуба ойоҕор] биэс кыһыл саһылы кэһии биэрэр. М. Доҕордуурап. Кыһыл сиэр - кытарымтыйан көстөр сырдык тураҕас (ат дьүһүнүн туһунан).

Светло-гнедой с красноватым отливом (о масти лошади).

  • Сиэр сылгыны эмиэ араастык дьүһүннүүллэр: кыһыл сиэр, саһыл сиэр, улаан сиэр, сырдык сиэр, хардаҥ сиэр, өлөҥ сиэр, солоҥдо сиэр. ОМГ ЭСС. Кыһыл соһо (кырааска) - кыһыл өҥнөөх от-мас сүмэһинэ кырааска. Охра. [Таас хайаҕа ойуулар] оҥоһуллубуттар кыһыл соһонон. Багдарыын Сүлбэ. Таас хайа сырайдарыгар кыһыл соһо кыраасканан араас ойуулары оҥорон хааллараллар. МАП ЧУу. Кыһыл субай - убаҕас сырдык кыһыл хаан. Алая жидкая кровь. Кыыс дьахтар кыһыл субайынан, Кырыыс этинэн кыырдаҕым буоллун.
    П. Ойуунускай
  • Кыһыл сыалаах - мөлтөх уойуулаах (сылгы). Слабой упитанности (о лошади). Кыһыл сыалаах - кыра саал дуомнаах, онтукатын өҥө кытархай. АНП СЭЭ. Кыһыл талах (дьахтар талаҕа) бот. - үрүҥ сибэккилээх, үрүҥ туораах сиэмэлээх, кыһыл умнастаах, ойуур саҕатыгар, уу арыытыгар, алааска үүнэр сэппэрээк талах. Свидина. Үрэххэ кыһыл талах үүнэр. Кыһыл тураҕас - кыһыл аалыктаах сиэллээх, кутуруктаах, самыыта, уорҕата, хоҥоруута кытарымтыйан көстөр, быттыга, хонноҕо, өрөҕөтө сырдык тураҕас өҥнөөх (сылгы дьүһүнүн туһунан). Гнедой с красноватым отливом в гриве и хвосте (о масти лошади). Тураҕас дьүһүн арахсар: хара тураҕаска, кыһыл тураҕаска, өһөх тураҕаска, эһэ тураҕаска. ОМГ ЭСС. Кыһыл тугут түөлбэ. - төрөөбүтүнэн тугут. Новорожденный олененок. Горнайга төрөөбүтүнэн тугуту кыһыл тугут дииллэрин түөлбэ тыл тылдьытыгар бэлиэтээбиттэр. Кыһыл тэллэй - тэтиҥ, бэс, хатыҥ, харыйа, тиит тулатыгар үүнэр кыһыл эбэтэр кугастыҥы кыһыл сэлээппэлээх тэллэй. Подосиновик. Кыһыл тэллэйи соркуойдууллар, хатараллар, тууска, маринадка угаллар. Кыһыл уот - уот кыһыл диэн курдук. Ярко красный. Кыһыл уот сардаана сандаарбыт.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
  • Кыһыл уот былаахпыт тыалырда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кыһыл устуруока - апсаас саҕаланыытыгар чугуччу суруллар устуруока. Красная строка. Тиэкис кыһыл устуруокаттан саҕаланар. Кыһыл хааннаах - сырдык сэбэрэлээх, тэтэркэй. Белокожий; румяный. Кыһыл хааннаах оҕо киһи суот тардан лаһырҕата олорор.
    М. Доҕордуурап

Кыһыл харах көр кыһыыдай

[Киһи] эргэ тымтайга көп түгэҕинэн ньоҕор былаастаах кыһыл харах балыгы сүөкээтэ. А. Федоров. Оҕонньоттор кыһыл харах, бэл сордоҥ уонна тэҥили курдук балыктары "сыыс" балык диэн ааттыыллар. "Чолбон". Кыһыл чуум - табаһыттар култуурунай кииннэрэ.

Культурный центр оленеводов.

  • Бөһүөлэккэ -- кыһыл чуум, фактория аһыллыахтара үһү.
    Болот Боотур
  • Кинини, кыһыл чуум аттынан ааһан истэҕинэ, хомсомуол сэкэрэтээрэ тохтотто.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (5)
  • Кыһыл эриэн - сырдык толбонноох кугас. Переливчато рыжий. Кыһыйбыт, кыыһырбыт Кыһыл эриэн таракаан. Күн Дьирибинэ. [Сыырдаах ыала] кыһыл эриэн сылгылаах.
    С. Зверев
  • Кыһыл эттик мед. - хааны кытардар, тыынарга наадалаах кислороду эккэ бүтүннүү тарҕатар бэссэстибэ. Эритроцит. [Сылгы иһин үөннэрэ] уҥуох көмүрүөтүгэр үөскүүр хаан кыһыл эттиктэрин үөскээһиннэрин хам баттаан аҕыйатар. НПИ ССЫа. Саадьаҕай кыһыл - көхсүгэр маҥан ойуулаах кыһыл. Красный с белыми пятнами на спине. Бу сытар хатыҥым төбөтүгэр -- саадьаҕай кыһыл эриэн үөн эриллэн турар эбит.
    С. Зверев
  • Уот кыһыл - уот курдук кыһыл. Огненно-красный. Уот кыһыл сибэккилэр аппыттар.
    Суорун Омоллоон
  • Манна баар уот кыһыл сибэкки.
    П. Тобуруокап
  • Хаан кыһыл - хаан курдук кыһыл, сырдык кыһыл, аалай. Алый, светло-красный. Кини хаан кыһыл күлүгэ -- ый күлүгүттэн ала чуо атын этэ. Р. Стивенсон (тылб.)

«К» буукуба