ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быйыт

аат тыл

Нууччалыы ленок

1 аат тыл #

Кыһыл лапчааннардаах кыра соҕус өрүс балыга (устата муҥутаан 70 см тиийэр)

Нууччалыы Ленок (рыба)

  • Хаһалаах хатыыһы, Тууччаҕы, быйыты, Күндүөбэй бастыҥын Тууһата күннэтэ Туттарар эбиттэр.
    С. Данилов
  • Сарсыарда илимнэриттэн эмис быйыты ылан, көтөн иһэр хаастартан доруобунан биири түһэрэн, тото күөстэнэн аһаатылар.
    ХС
  • Сытыы, сымса сиэмэх быйыттар, ойуу дьэрэкээн алыһардар элэҥнэһэллэрэ, сордоҥнор сундулуһаллара.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. соһолоох

2 аат тыл #

түөлбэ. Собо кырата

Нууччалыы Карасевая Молодь

  • Ср. тюрк. мыйыт 'ленок'

«Б» буукуба