Перевод с якутского
утуй
туохтуур
Нууччалыы спать, заснуть
English to sleep
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Хараххын симэн, этиҥ-хааныҥ, өйүҥ-санааҥ холкутаан, сынньанар турукка киир, сынньан
Нууччалыы Спать, заснуть
Түүн утуйбат баар үһү (тааб.: быыс). Сүрдээх үчүгэйдик утуйа сытан, ийэм ыҥырар саҥатыттан уһуктан кэллим. Н. Неустроев Эн билигин үчүгэйдик утуй, сынньан, сарсыарда сүбэлэһиэхпит. Амма Аччыгыйа Булчуттар арыыга хаалан, биир ханнык эрэ эргэ, иччитэх ампаары булан, онно киирэн муостаҕа утуйан хаалбыттар Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Илииҥ, атаҕыҥ эбэтэр көхсүҥ көһүйэн, бөҕүөрбүт, тоҥмут курдук, тугу да билбэт буол
Нууччалыы Терять чувствительность, неметь, становиться как бы застывшим, цепенеть (обычно о руках, ногах, спине)
Уҥа илиим утуйан хаалла. ù Онтон биир оҕонньор, чэйдээн бүтэн баран, атаҕа утуйан хаалан, доҕолоҥнуу-доҕолоҥнуу, кыраабылын ылан эргим-ургум тутан көрдө. Амма Аччыгыйа Күөрэгэй [кыыс аата] олорбохтоон баран, эмиэ сыҥааҕырдаан, көхсө утуйан барда. Т. Сметанин Бу чагда устун баран иһэн, Кириһээн көхсө бииргэм утуйан иһэрэ Д. Таас
3 туохтуур #
Кэлии-барыы, сырыы тохтоон, чуумпур (хол., куорат туһунан этэргэ)
Нууччалыы Перестать двигаться, затихнуть (напр., о ночном городе)
Илии-илиилэриттэн ылсан баран, утуйбут уулуссалар устун хаамсаллара.
Н. ЛугиновДьокуускай куорат түлүк уутугар утуйа сытар. В. Протодьяконов Куорат утуйбут, Чуумпу тунуйбут А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (2)
Тыас-уус, саҥа-иҥэ хам баран, иһий, иһийэн хаал. Θ Перестать шуметь, затихнуть. Этиҥ уулаах былыкка утуйбут Итии самыырдаах түүннэригэр Саманан ааһаллара эбитэ буолуо Сааскы хаас үөрдэрэ айманан. Күннүк Уурастыырап Олбуор ахсын айаарбыт Омуннаах "тирии" хормуоскалар Утуйан ах бараллар С. Васильев
4 туохтуур #
Таалан хаал; улук буол, улугуран хаал
Нууччалыы Стать неподвижным, замереть; стать вялым, сонным
Харыйа ойуур налыйда, Халыҥ хаарга утуйда. Эллэй. Бары дьадаҥы саас үйэ тухары утуйбут өйө-санаата уһуктуор сөп буолла, уһугуннун! Эрилик Эристиин Дойдубут саас буолан, хаар ууллан, Тоҕус ый утуйбут уутуттан Көрүлүү айдааран уһуктан, Күргүөмнээх үлэҕэ турунна П. Тулааһынап
5 туохтуур #
түөлбэ. Умайан бүт, умулун
Нууччалыы Переставать гореть, гаснуть
Отуу уота утуйбут. ù Уота утуйбута уон сыл буолбут. ПЭК ОНЛЯ II. Ноо! Уоттара эмиэ утуйаары гыммыт. (Уот оттор.)
Суорун ОмоллоонСаҕахха киир, көстүбэт буол, сырдаан бүт (күн туһунан). Θ Садиться за горизонт, переставать светить (о солнце). Күн утуйар кэмигэр чугас ыалларбыныын аччыктаабакка олорор бултаахпын. Н. Абыйчанин Арай күнүм утуйдаҕына, Хайа, хонуу барыйдаҕына, Тыал хаптайар чуумпутугар Мин суланар хаһыым уйгуура Ыраах муора тыаһын курдук -- Кинилэргэ иһиллэр И. Чаҕылҕан
6 этии #
Букатыннаахтык утуйда харыс. - олох олорон бүттэ, өллө
Нууччалыы соотв. Заснуть последним сном. Ол кэннэ налыс гына түспүтэ, халтаһата сабыллан барбыта… Манан кини букатыннаахтык утуйуутун утуйбута. Суорун Омоллоон. Өлөрдүү утуй (өлө утуйа сыт) - олус кытаанахтык, өлбүт киһини санатардыы, утуй (наһаа сылайан эбэтэр уһун кэмҥэ утуйбакка сылдьан баран). Спать крепким сном, спать мертвецким сном; спать как убитый (букв. как мёртвый спать). Чугас ыалларын уолаттарын кытта кылыйсан, куобахтаһан көрүлээн баран, учуутал уол быраатын хоонньоспутунан өлөрдүү утуйан хаалла. Амма Аччыгыйа. Өлө утуйа сыппыт Үчүгэй дьахтар барахсан, Ойбонуттан уулаабатах Улаан убаһа оҕотунуу, Оҥоох-чоҥоох көрбөхтөөн, Уһуктан тиийэн кэлбитэ. Күннүк Уурастыырап. Киһитэ суорҕанын моонньугар диэри тардынан баран, өлөрдүү утуйа сытар. С. Никифоров. Өлөрү утуйарга холоон (ууран) - өлөрү да кэрэйбэккэ, бэйэҕин харыстаммакка (охсус, сэриилэс). Не на жизнь, а на смерть, не жалея жизни (напр., бьются богатыри светлого мира с тёмными силами). (Букв. уподобляя смерть сну). Кини [Айыы бухатыыра] ханнык баҕарар өстөөхтөн чаҕыйбакка харса суох охсуһууга киирэр. Өлөрүн утуйарга холоон туран абааһы уолун ир суолун ирдиир. Эрчимэн. Чурумчуку ойон турда, Тилир-талыр тэбинэн -- Өлөрүн утуйарга ууран, Чупчуруйдаан тойон-саарга Чуо-бааччы бара турда. Эллэй. Түүн утуйбакка, күнүс олорбокко көр күнүс. [Күлүк:] Хайа, байар үлүскэнигэр түүн утуйбакка, күнүс олорбокко үлэлээн эрдэҕиҥ дии… А. Софронов. Ити быйыл сайын түүн утуйбакка, күнүс олорбокко хайы-үйэҕэ үс сүүс бугулу туруордубут, ол үрдүгэр киэһэ аайы, махтал ыларбыт оннугар, мөҕүллэр, сынньыллар икки ардыгар сылдьабыт. Эрилик Эристиин. Тэбэн көрбөккө утуй - төрүт уһуктубакка кытаанахтык утуй. Спать очень крепко, спать без задних ног (букв. спать [даже] не шевельнув ногой). Мин сылааттан уонна киэһэ испит арыгыбыттан тэбэн көрдөрбөккө утуйбут этим, сарсыарда тардыалыыбыттарыгар биирдэ уһуктубутум. Далан. уһун уутун (уутугар) утуйда харыс. - олох олорон бүттэ, өллө. соотв. Уснуть вечным сном. Ити түүн, Алексей Андреевич илиитигэр, Василий Васильевич уһуктубат уһун уутун утуйбута. Күннүк Уурастыырап. Бурхалей эрчимнээх дайбааһынынан хааннаах тэрээк сүгэ иккиһин күөрэйэн, өлөн эрэр кыыл өҥүс баһыгар түбэһэрин кытта, "өлүөхсүт", соҕотохто дүгдэс гынаат, уһуктубат уһун уутугар утуйда. Эрилик Эристиин. Утуйан оҥторбут сөбүлээб. - 1) саамай наадалаах, кыһалҕалаах кэмҥэ утуйан хаалбыт, утуйа сытар. Спать в самое неподходящее время (когда надо было работать или делать что-л.). "Илиммин эрдэ көрүмүнэбин утуйан оҥторон хааллаҕым үһү", - оҕонньор бэйэтин мөҕүнэ саныы-саныы дьиэтин диэки дьулуруйда. Л. Попов. - Оо, дьэ! Утуйан оҥторон хаалбыппыт! Үчүгэйдик көрбүппүт буоллар… - диэбитэ Толя абаран. ВЛ РБЫ; 2) кытаанахтык, уһуннук уһуктубакка утуйбут. Спать крепко и долго. Мас кэрдээччилэр бука бары минньигэстэн минньигэскэ тартаран -- утуйан оҥторо сыппыттара. Н. Заболоцкай. Чомпоойоп утуйан оҥторо сытара. Л. Попов. Утуйар уу диэни (утуйар ууну) умнубут - 1) кыайан утуйбат буолбут. Не может уснуть (о человеке, который совсем мало спит, не может спать полноценно). Миигин пенсионер оҕонньор -- сөхтөрбүтэ, утуйар уу диэни таһы умнубут этэ. Далан. Дьэ тукаам, утуйар ууну умнан, төрөөбүт алааспын Хомустаахпын ахтан, хайа охсубут аҥаарым буолла. Н. Габышев; 2) работать усердно, забывая про сон. Билигин биһиэхэ ынах муоһун ааҕыы наадата суох, тэрийэр үлэ, холкуоһу баай-тот оҥоруу наада. Оҕонньор, сэрэн, утуйар уубутун умуннахпытына -- сатаныахпыт. В. Яковлев. Үлэ туһугар утуйар уутун даҕаны умнубут эдэр бэрэссэдээтэли тута сөбүлээбиттэрэ, таптаабыттара. "ХС". Онон үлэ-хамнас элбэх этэ. Быһаччы эттэххэ, утуйар уутун умнубута. "ХС". Утуйар уу күрэннэ - уута кэлбэт буолан хаалла, утуйуон баҕарбат буолла. Совсем не хочется спать, сна ни в одном глазу нет. Бу киэһэ Юрий Осиповичтан утуйар уу күрэннэ. С. Федотов. уута көттө - уута көттө диэн курдук (көр уу II). Утуйар уум көппүт түүнүгэр Былыт халыйар мин үрдүбэр, Сүрэхпэр киирэр күһүҥҥү өксүөн - Санаа-оноо, саарбахтааһын үксүөн! Л. Попов. Бу өлөрүөхсүттэр сиэптэригэр бэстилиэтэ суох буоллахтарына, арааһа, утуйар уулара көтөр быһыылаах, кэм даҕаны араас систиэмэлээх бэстилиэттэри уктубут буолааччылар. "ХС". Утуйар уута уу буолбата, олорор олоҕо олох буолбата - туох эмэ санааттан-онооттон кыайан утуйбат буолла, чуумпу олоҕо алдьанна. Перестать спать спокойно (от горя, сильного беспокойства, лишаться покоя). Сол күнтэн ыла Тамара сарыабына утуйар уута уу буолбата, олорор олоҕо олох буолбата. Өксөкүлээх Өлөксөй. Итинтэн ыла Дьэргэ утуйар уута уу, олорор олоҕо олох буолбатаҕа. Болот Боотур. Утуйар уутуттан мэлийдэ кэпс. - уута кэлбэт буолла, утуйбат буолла. Не хочется спать кому-л., ко сну не тянет, потерять сон. [Кэргэнэ - Дабыыкка:] Сыакаар, эмиэ Сымнаҕас Даарыйаҕын санааҥҥын утуйар уугуттан мэлийдиҥ дуо? У. Нуолур. Утуйар хараҕа суох - оннооҕор түүн да утуйбат, утуйуохтаах да кэмҥэ утуйбат. И ночью не спящий, даже ночью не засыпающийся (букв. у него незасыпающиеся глаза). Уу күөгэйэ букатын да утуйар хараҕа суох кыыл эбит. Далан. - Утуйар хараҕа суох оҕо дуу, тоҕо бэрдэй! Биһиги да эдэр буолбатахпытын. Төһө эрэ тэлээрэ тэбэр этибит, - дии көрсүбүтэ кинини Маайа эмээхсин. Н. Босиков
7 этии #
Утуйар мөһөөх - ичигэс буоллун диэн баататтан, араас тирииттэн тигиллибит, киһи иһигэр киирэн утуйан хаалар уһун сомуоктаах мөһөөччүк Н. Габышев. Миичээн алын өттө таба, үрүт өттө куобах тириититтэн аныгылыы, таҥаһынан сирийиллэн оҥоһуллубут утуйар мөһөөҕүн иһигэр бэрт сылаастык сытан -- оҕонньор кэпсээнин сөп-сөп сэҥээрэн биэрэр. А. Кривошапкин (тылб.).
Нууччалыы Спальный мешок. - Чэ, ыл, утуйар мөһөөхпүн, ыһыктаах чымыдааммын аҕал, - дии-дии, Орлосов сыарҕаттан бинтиэпкэтин ылан санныгар иилиннэ
Этиилэр
Утуйар таҥас көр таҥас
Микиитэ -- утуйар таҥаһын кыбыммытынан интэринээт дьиэҕэ көтөн түстэ. Амма Аччыгыйа. Утуйар таҥастарын, оҕолорун уйатын, иһиттэрин-хомуостарын дуомун бука барытын силис сыарҕаҕа өрөһөлүү тиэйэн кэбистилэр. Күннүк Уурастыырап. Утуйар хорук тымыр анат. - хабарҕаны батыһа моой икки өттүнэн сытар киһи төбөтүгэр хааны тиэрдэр улахан тымырдар.
Сонная артерия.
Утуйар хос көр хос
Вера Михайловна түүҥҥү ыалдьыт тугу кэпсиирин истээри утуйар хоһун ааныгар кэлэн өйөнөр. Н. Якутскай. Утуйар хостон Марфа Николаевна уонна Татьяна Ивановна тахсаллар. Андриан хааман лиһиргээн утуйар хоһугар киирдэ. М. Доҕордуурап. Утуйар чаас - сонутуоруйдарга, сынньанар дьиэлэргэ, балыыһаларга эбиэт кэнниттэн утуйан сынньанар кэм.
Мёртвый час.
Сынньанар дьиэбитигэр утуйар чааска чуумпу баҕайы буолар