ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьулус

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы очень сильно желать, стремиться, тянуться к чему-л.

I

1 туохтуур #

Ханна эмэ, туохха эмэ баҕаран тардыс (хол., ханна эмэ бара, кэлэ сатаа)

Нууччалыы Очень сильно желать, стремиться, тянуться к чему-л. (напр., из села в город)

  • Ыччат, ордук орто оскуоланы бүтэрбит ыччат, тыаттан куоракка, киин сиргэ дьулуһарын бэйэҥ да билэр инигин. Софр. Данилов. Эҥээннэрин тыаһа таһыгыраан, тыыннара бурҕачыйан, иһэхтэрин хаара ыһыахтанан, адаар муостаах көлөлөр иннилэрин хоту тэтимнээхтик дьулуһаллар.
    В. Протодьяконов
  • Халдьаайыттан киирэр кыра үрүйэлэр уулара халдьыгыраччы сүүрэрэ, хайа аннынааҕы хотооллор диэки дьулуһара
    И. Никифоров
II

2 даҕааһын #

, поэт. Олус көнө, уһун синньигэс

Нууччалыы Прямой, стройный, длинный, тонкий. Үрдүк дьулус бэйэтэ [Глафира] эмиэ имиллэҥнии хаампыта

  • Чурумчулаах дьулус тыылар Тумсулара маска бааллан, Дагдаҥнаһа, үөһэ тыына, Нухарыйа нуурайдылар.
    М. Тимофеев
  • Уһун, дьулус ол хатыҥҥа Оргууй хааман тиийэбин
    ХС

«ДЬ» буукуба