Перевод с якутского
сайыс
туохтуур
Нууччалыы желать, стремиться, пытаться следовать куда-л. за кем-л. близким, не желать отставать от кого-л. или расставаться с кем-л. близким
1 туохтуур #
Кими, тугу эмэ кытта барсаары талас, хаалыаххын баҕарыма
Нууччалыы Желать, стремиться, пытаться следовать куда-л. за кем-л. близким, не желать отставать от кого-л. или расставаться с кем-л. близким (напр., о ребёнке)
Хобороос-Хабырыыс, сурдьун сайыһан, икки күн устата суорҕанын бүрүнэ сытан ытаабыта. И. Гоголев Аҕабын кытта бултаһа барсаары сайыһабын да, илдьибэт. Н. Якутскай Күөрэгэй [кыыс аата] тута өйдөөтө - бу эһэ бултуу барарыгар, сайыспыттарын иһин, оҕолорун баттатан барбыт Т. Сметанин
2 туохтуур #
поэт. Туох эмэ кэрэтигэр ымсыыр, санааҕын тартар
Нууччалыы Грустить по чему-л. уходящему, исчезающему на глазах (напр., наблюдать за отлётом перелётных птиц)
Ааһар сарыалы сайыһа Мин соҕотох тахсыаҕым, Халлаан араҕас сулуһа Намтыыр суолунан барыаҕым. С. Данилов "Кынаттаах буолларбыан!" - дии санаан, Кыһыйа-көҕүйэ ымсыыран, Ол үтүө көтөрдөр суолларын Одуулуу, сайыһа хаалаҕын. Күннүк Уурастыырап Өлүөнэ өрүс көмүс саһарҕа кумаҕын Үрдүнэн оол кыыдамнаһар Үөр хоптолору сайыһаммын Санаам эмиэ айманар В. Миронов
3 туохтуур #
поэт. Хаалааччы санаатыттан арахсыбат истиҥ иэйии буол
Нууччалыы Навевать грусть на кого-л. при расставании (напр., о родном городе)
Кэннибэр Иркутскай сайыһан Уотунан дьиримнии хаалбыта. Күннүк Уурастыырап Мүрү быллаарын быыһыгар, Танда үрэҕин талаҕар Хаалбыта ытаан, сайыһан Хаарыаннаах мин оҕо сааһым. Баал Хабырыыс Ср. тюрк. йанаш ‘приставать кому-л. ’