Перевод с якутского
олоо
туохтуур
Нууччалыы находить подножный корм
1 туохтуур #
Хаар анныттан булан аһаа, хаары хаһан аһаа (сылгы кыһын сиргэ хаһан аһаан кыстыырын этэллэр)
Нууччалыы Находить подножный корм (о лошадях зимой)
Сылгы олоон кыстыыр. Сылгылара урааннаах уһун кыһыны быһа олоон тахсаллара. ХС Сылгы атаҕынан олоон тото-хана аһыыр Кыым
2 туохтуур #
Ирдээ, суоллаа, суолунан ирдээ
Нууччалыы Преследовать, идти по следу
Бэркэ олоотум да булбатым. Быһа олоон ыл. Урукку ол-бу кэпсээнин, Уус баҕайытык уларытан, Онон-манан олоон ылан, Онолуйар эбит.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (2)
Кэм иннигин көрүнэн, эрдэттэн олоон, суолу солоон сылдьар ордук. Болот Боотур Сааһыҥ тухары, сиргэ хоно, туналы маҥан тииҥи - Булт кутун көрдөөн олоо, Буолбуккун, о, билэбин В. Миронов
3 туохтуур #
Ардаары эрдэттэн (хас да хонук инниттэн) тыалыр (Саха сирин киин улуустарыгар соҕуруулуу илинтэн уһуннук тыалырдаҕына, уһун ардах кэлэр)
Нууччалыы Навевать ненастную погоду (о ветре) (в центральной части Якутии считается, что, когда юго-восточный ветер дует несколько дней, то непременно принесет с собой длительные ливневые дожди)
Кэтэспит Бөтүрүөптэрин ардаҕа кэлбэтэ. Хата кураанаҕынан олоото, от-мас сүмэтин супту оҕуста, сир сиигин көтүттэ. Болот Боотур Олообута уһуна бэрдэ. Бука уһун ардах кэллэ эрэ хайаата. Р. Кулаковскай Ол өртөн олообут этиҥнээх ардах этэ. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Ср. бур. оло, монг. ол ‘найти, достать’