ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

олооһун

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы летний многодневный юго-восточный ветер, приносящий дождь, муссонный ветер

1 аат тыл #

Саха сирин киин өттүгэр соҕуруулуу-илинтэн түһэр хас да хонуктаах күүстээх тыал (былыты, ардаҕы аҕалар)

Нууччалыы Летний многодневный юго-восточный ветер, приносящий дождь, муссонный ветер

  • Сата көмөтүнэн тыалы, олооһуну ыҥырыахха сөп.
  • Улахан ардах олооһуна кэлэрин курдук тыал түстэ.
    Болот Боотур
  • Бэҕэһээҥҥи тыал ардах олооһуна буоллаҕына, бу түүн собо тутара биллибэт.
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
  • [Балыксыттар] суоттааһыннарынан, улуу буурҕа түһүөн өссө да эрдэ этэ. Көннөрү олооһун буолуохтаах дии санаабыттара
    С. Тумат

2 даҕааһын #

суолт. Ардахтаах былыты аҕалар (күүстээх соҕуруулуу илиҥҥи тыал)

Нууччалыы Приносящий дожди (сильный юго-восточный ветер)

  • Хас да хонуктаах олооһун тыала түспүтэ.
    В. Яковлев
  • Ардыгар олооһун тыал илдьиттэнэн, хас эмэ хонугу быһа ньиргиччи түһэр гына олохтоохтук [ардах] кэлэр.
    П. Аввакумов
  • [Отчут:] Олооһун тыалым, сөрүүкэт миигин!
    ХС

3 этии #

Олооһуннаах өй-санаа - олохтоох, оннун булбут өй-санаа Оҕо дьон хаһан даҕаны олооһуннаах өйдөрө-санаалара суох ээ. Болот Боотур

Нууччалыы Устоявшийся ум

«О» буукуба