Перевод с якутского
талас
туохтуур
Нууччалыы сильно желать отправиться куда-л
Ис хоһооно · 4
1 #
талаа диэнтэн холб. туһ. Бу уолаттар маҕаһыыны таласпыттар үһү
2 туохтуур #
Ханна эмэ барыаххын олус баҕар
Нууччалыы Сильно желать отправиться куда-л., стремиться куда-л
Үөрэҕин бүтэрэн баран Максим салгыы үөрэнэ куоракка барарга талаһар. П. Филиппов Бу үһүс сайынын куоракка талаһан эрэр. Т. Нутчина Итиннэ, ити икки дьиэҕэ, үс-түөрт ыал дьукаахтаһан кыстыыбыт. Сайын бултаах, балыктаах -- былыргы сайылыкпытыгар талаһабыт ХС
Өссө холобурдар (2)
Түргэнник хайа эрэ диэки дьулус, бар. Θ Устремляться куда-л. [Нартаахап] тиэтэлинэн таҥнан хачыгырайан таһырдьа таласпыта. Софр. Данилов. Этэрбэһин уутун сүөкээн, онон-манан бобута туппахтаан, ыктыбыта буолан баран, туох баар кыл тыынынан дьиэтин диэки талаһар. И. Федосеев Арыпыана, уулуссаны туоруу охсоору, уолун икки илиитинэн хам кууһан баран, кытыы диэки таласта М. Попов
3 туохтуур #
Тугу эмэ ситиһэргэ, ким эрэ буоларга, туохха эрэ дьулуйан туран күүскэ баҕар, тардыс
Нууччалыы Настойчиво добиваться, сильно желать чего-л., стремиться к чему-л
Кини үөрэҕи батыспыт, науканы баһылыырга таласпыт, кылгас гынан баран, чаҕылхай суола ити курдук саҕаламмыта. П. Филиппов Улахан кыыһа ыал буолбута ыраатта да, оҕолонуон баҕарбат, дуоһунаска эрэ талаһар. У. Ойуур [Дэмикирээттэр] соҥнообут көҥүл быыбардарын сыарҕатыгар олорсон, былааска харса суох таласпыттара. Н. Борисов
Өссө холобурдар (1)
Октябрина бу үлэҕэ [милииссийэ үлэтигэр] олус да талаһан, өр да сыралаһан туран кэлбитэ ээ! М. Попов
4 туохтуур #
түөлбэ. Тугу эрэ гыныаххын баҕар
Нууччалыы Иметь желание, намерение (делать что-л.)
Итинник хомолтобун мин мунньахха этиэхпин талаһабын ДСЯЯ