Перевод с якутского
айаа
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы поступать, действовать, вести себя своенравно, независимо
English to act, to behave
1 туохтуур #
Талбыккынан, сөбүлүүргүнэн тутун, кими да кытта аахсыма
Нууччалыы Поступать, действовать, вести себя своенравно, независимо
Толлор киһитэ суох, көҥүл айаабыт. СГФ СКТ. Дьэ, ити курдук аҥаардастыы айаан сылдьыбыт үгүс ахсааннаах норуот [хуннар] кэлин өттүгэр өнүйбэккэ, улам сүтэн-оһон барбыта киһини бэркиһэтэр. ХС Дьокуускай куораппытыгар, Сэргэлээх уопсайын бэһис куорпуһугар көрсөн, бүтүн сайыны устудьуоннуу айаан, айманан олорбуппут. Н. Габышев Тэҥн. айбардаа
2 аат тыл #
Дуорааннаах күүстээх хаһыы (үксүгэр атыыр оҕус, кулааһай туһунан)
Нууччалыы Гулкий протяжный рев (обычно о быке, изюбре)
Ол кунан оҕус Дьалхааннаах айаата Салгын баһыгар Саар куолакал тыаһын курдук Сатарыы, ньириһитэ турар эбит. П. Ядрихинскай Сүүрүк уларыйар тыаллыын хатыһыыта, Кулааһай айаата - бу саас кинигэтэ. К. Кулиев (тылб.)