Перевод с якутского
айа
аат тыл, ынырыы
Нууччалыы самострел
English crossbow
Ис хоһооно · 10
1 аат тыл #
Ох саа чаачарыттан модьу систээх, уһугар сытыы тимирдээх (ырбалаах) охтоох, кылыынан эстэр булт сэбэ
Нууччалыы Самострел (охотничий снаряд-ловушка на лосей, зайцев и др. животных)
Кини иитиилээх айа курдук, эрчими иҥэриммитин туттуна сатыырга дылы. Амма Аччыгыйа Куйуур баайан хомоҕо балыктыыр, айа оҥостон арҕаа мыраанынан куобахтыыр, дал, күрүө, хаһаа оҥортуур Саха фольк
2 аат тыл #
Угаайы, үктэтии, албын-түөкэй
Нууччалыы Ловушка, западня; обман, хитрая уловка
Колчак хаанырбыт булчуттарын айата тардыллан турарын билбэт дьон айаннаан, Сыҥыһалаах күөл арҕаа баһыгар киирэн кэлбиттэр. Эрилик Эристиин Өстөөх тарпыт айата Дойдугар туһаайбытын Дьааҥы таас хайата Буолан хаххалаатыҥ. П. Тулааһынап Кини албаһыгар, айатыгар киирэн биэрбэт инибин дии санаата Болот Боотур
3 этии #
Айа кирсэ - айа чаачарын тардар быата (үксүгэр эриллибит бөҕө тирии) Иҥиирин тыаһа айа кирсин курдук лыҥкынаата; күүс иҥиирэ, көҕөн этэ бары бүк-тах татта. Ньургун Боотур. Быраҕыа суол тоҕойдорун Айа кирсинии быһалаан, Аартыктар да дабааннарын Атыннык дабайталаан. С. Данилов.
Нууччалыы Тетива самострела
Этиилэр
Айа көхсө көр айа чаачара
Аттыгар уола Уйбаан, толору эттээх-сииннээх модьу киһи, айа көхсө оҥоро, кытаанах баҕайы киил маһы кыһан тиниктэһэр. Күндэ. Айа кылыыта - таарыйдахха айаны эһэр үрүҥ кылынан оҥоһуллубут синньигэс быа.
Тонкий шнурок из белого конского волоса для настораживания лука-самострела (если зверь задевает кылыы, то самострел разряжается).
Эн тыаны төрүт да кэрийбэтиҥ сөп этэ. Билигин от-мас барыта кырыаран, айа кылыытын кыайан көрүөҥ суоҕа. Амма Аччыгыйа Харатаайап кулубалаах сарсыарда халлаан айа кылыыта көстөр буола сырдыыта тураллар. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
Айа кэнтигэ - айа кылыытын тардан баран биир өттүн баайар (иҥиннэрэр) туруору анньыллар кэрдиистээх мас (тоһоҕо). Палочка, небольшой кол с делениями, указывающими высоту кылыы в зависимости от предполагаемой добычи, на которой прикрепляется один конец шнурка-кылыы. Бүөтүр үөһэ титирик долбууртан айа кэнтигин ылан, уот иннинээҕи дүлүҥ олох маска олорон, саҥа кэрдиистээн барда. Эрилик Эристиин Айаны аҥаабыллаа - айаны туруораары төһө кыалларынан киэҥник кирсин тарт. Тянуть тетиву самострела до упора, чтобы насторожить его. Догдоон хара тыа Тоҥуутун торутар, Арыы хара тыа Айатын аҥаабыллыыр Алгыстаах күннэрим таҕыстылар!
Өксөкүлээх Өлөксөй
Айа сиһэ көр айа чаачара
Айа тарт - 1) Булка айаны иит.
Настораживать на зверя самострел.
Эн аҕаҥ муҥнаах сис тыаҕа Буурҕаны кытта сырсар, Эйигин, миигин иитээри Куобахха айа тардар. Эллэй. Кини билигин да куобахха айа тардар, тыаттан кураанах киирбитин өйдөөбөт. Ф. Софронов; 2) угаайылаа, ханнык эмэ албаһынан үктэт. Осуществить какую-л. хитрую уловку, устроить ловушку, поймать кого-л. на хитром приеме. Угаайытыгар киирэн биэрбиппит. Кыыһынан мэҥиэлээн хайыыбытыттан хаптарда, Бэйи, бэйэтигэр айа тардыахпыт. И. Гоголев Айа холото - айа ханнык булка иитиллэриттэн көрөн, үрдэтэн, намтатан туруорарга аналлаах, үүттээх, кэрдиистэрдээх, үөһээ өттүгэр ачаахтыы оҥоһуулаах мас. Деревянная дощечка для установления самострела на определенную высоту в зависимости от предполагаемой добычи. Кинилэр курдарыгар быһах-хатат бөҕөнү иилиммиттэр, өссө сорохторо курдарыгар айа холотун иилинэр хараҕалаахтар, билигин куобахтыы бараары турар дьоҥҥо маарынныыр эбиттэр. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
Айа чаачара (көхсө, сиһэ) - айа сиһэ, маһа, тэбэр күүһү биэрэр сүрүн чааһа. Дуга, спинка самострела (основная часть самострела, дающая убойную силу). Айан аанын аһа, Ахсым суолу тэлэйэн, Айа чаачарын курдук Ахсаабакка айанныахпыт. С. Зверев Айа чаачарын курдук токуруйан турар, суорабын-суорабын, бүтэн биэрбэккэ сордообута. П. Аввакумов Айа элбэрээгэ - айа чыыбыһа, кирсин төлө тардан эһэр чааһа. Пусковой рычаг, спусковой крючок у самострела. Саамай сөбүлүүр ньымата - эмискэ айа элбэрээгин төлө тарпыттыы туох да соһуччу хаҥас өттүнэн өттүктээн күлүм гыннарааччы. Е. Неймохов Ср. тюрк. айа ‘самострел’
4 #
саҥа алл
Айа, сирэйбин быһа түһэн кээһэ сыстаҕым үһү. С. Ефремов Сиһим быстан хаалла айыы-айа! А. Софронов Илиим уот аһыйда, айака! - диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла Т. Сметанин
5 #
этии түгэнигэр этэр киһи майгытын-сигилитин туругуттан (темпераменыттан), үөскэтэр дьайыыта хайдаҕыттан араас формаҕа туттуллар: айака! айыы! айыы-йа! айаа! айыккыы о. д. а.; (ол аайы араас иэйиини биэрэр суолт., дэгэтэ уларыйан иһиэн сөп); тардыылаах сыһыарыыны ылыныан сөп: Айыкабын! Айыккабын! о. д. а.; саҥа аллайыыны, көмө тыллары кытары ситимнэһэр: Айыкабын даа! Айыкка эрэ!; үгүстүк хоһулаһыан сөп: Айыы-айа! Айыа-айыа! Айака-айака-айака!
Нууччалыы По ситуации разговора, от темперамента говорящего, характера, интенсивности раздражения употребляется в различных формах, соответственно могут менять оттенки выражаемых чувств; иногда может принимать притяжательный аффикс, сочетаться с другими междометиями, служебными словами, часто употребляется в удвоенно- повторном виде
6 #
Ыарыыланыыттан саҥа таһаарыы (ыарыыланыы көрүҥүттэн араас дэгэти ылар, хол., дьаралыйан, ньүөлүйэн, тэһэ анньан, уот аһыйан, кэйэн, аһыйан эҥин ыарыыларга араастык этиллиэн, араас көрүҥү ылыан сөп)
Нууччалыы Выражает чувство боли (в зависимости от характера, интенсивности чувства имеет различные ф. и оттенки значения: тупая, ноющая боль, острая мгновенная боль, сдерживаемая боль, внезапная нестерпимая боль, нарастающая боль и т. п.)
Айыа-айа, син кытаанахтык анньан кимилиннэрдэ, доҕор.
Суорун ОмоллоонАйыкабын даа... айыкабын, Арамаан, илиибин сиэтиҥ дии! Амма Аччыгыйа Аай! Аккыа-а! - диэбитинэн, Дьэргэ олоро биэрэн, илиитин саба тутунна. Болот Боотур
Өссө холобурдар (7)
Айыккабын даа! Тукаларыам, кэриэспин этиэхпин миэхэ чугаһааҥ эрэ... И. Гоголев Айыккаа! Бу умса-төннө түһэн эрдэхпин...
Суорун ОмоллоонА-а-а-айа-айа... ытыллан хаалбыппын, алдьархайбын ньии...
КүндэАйаа, бу күтүр эмиэ киһи атаҕын быһа үктээтэ. “ ХС Айыы-айа, сылайдым даҕаны. И. Гоголев Айыа-айыа! Бэйи, сынньана түһүөххэ.
Суорун ОмоллоонТоокуй киирэн сылайбыт киһи быһыытынан оронугар кэлэн: “Айа-айа -ы-ы, айа!” - дии-дии сытта
Күндэ
7 #
Сылайыыны, улугурууну, күүс-уох, сэниэ эстиитин көрдөрөр
Нууччалыы Выражает усталость, утомление, изнеможение
8 #
Элэктээһини, күлүү гынан этиини, эҕэлээһини көрдөрөр
Нууччалыы Выражает иронию, насмешку, издевку
Айыкка! - Хабырыыс төбөтүнэн аан диэки сиэлийэн кэбистэ. -Өлөрдө дии! - мунньах дьоно күлэн күүгүнүү түстүлэр, дьадаҥылар үнтүрүйбүт үрүҥ этэрээтин хамандыырын күлүү гыналлар. Амма Аччыгыйа Айыккабын, оҕонньорбут үчүгэй киэбирии буолсу. “ ХС
9 #
Дьиибэргээһини, сөҕүүнү, бэркиһээһини көрдөрөр
Нууччалыы Обозначает удивление, изумление
Айыккабыан! Дьэ буолар да эбит, эйигин хоруол күндүлүүр, эйигин сарыысса күндүлүүр.
П. ОйуунускайАйыбыын, тугуҥ быһыытай? Үөрүөххүн билимнэ букатын бүк түһэн хааллыҥ! Ч. Айтматов (тылб.)
10 #
Эмискэ уолуйууну, куттаныыны бэлиэтиир
Нууччалыы Выражает внезапный испуг и растерянность
Эгэ, ол дьон бэйэлэрэ кэллэхтэринэ, айабын даа! Амма Аччыгыйа Куттанан өйдөөн көрбөтүм, хараҕыан-айаккабыан!
Күндэ