Перевод с якутского
ай
туохтуур, ынырыы
Нууччалыы творить, создавать
English to create
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Өйгүттэн саҥаны булан, оҥорон таһаар
Нууччалыы Творить, создавать
Саҥа ырыаны ай. Искусство айымньытын ай. Норуот айбыт ырыалара. Нарын-намчы искусство үлэлэрин айарыгар анаан үүммүппүт диэххэ айылаах, эҥкилэ суох көнө, үрдүк, ыраас лиҥкинэс тиит мастары быыстарынан кини баран истэ. Амма Аччыгыйа Бу күн анныгар киһи барыта Кэрэни сырдыгы айаары айыллар. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Ходуһа былаһын тухары үрүҥ уонна күөх өҥнөр кыттыһан туспа, бу эрэ дойдуга баар хартыынаны айаллар Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Баар гын, олохтоо, туругурт, үтүө дьылҕалаа (итэҕэл быһыытынан таҥара, атын да барыны бары дьаһайар, баар гынар үөһээҥҥи күүстэр тустарынан)
Нууччалыы Предопределять, предназначать, давать жизнь, предначертать свыше (по поверью - о сверхъестественных силах, божественном начале)
Таҥара баара буоллар, ааспат-туорбат гына айыа этэ, Өлөрсүбэт-өстөспөт гына өйдүө этэ.
П. ОйуунускайЭйигин ол “эр бэрдин - хорсун туйгун Эрэйбин чэпчэт, дьайын аччат” - диэн, Айыҥат хаантан миэхэҕэ Анаан, айбыттара буолуохтаах. Күннүк Уурастыырап Аан дойдуну айан баран, таҥара киһиттэн ыйыппыт: “Кыһыны уһун гынабын дуу, сайыны уһун гынабын дуу?” Саха фольк
3 туохтуур #
Сиргэ киһини баар гын; оҕону үөскэтэн, иитэн таһаар (үксүгэр аҕа туһунан)
Нууччалыы Родить на свет; родить, воспитать, выпестовать (ребенка)
Мэхээлэ, эйигин айан, төрөтөн, маннык олоххо олорпут аҕаҥ оҕонньор барахсан, эн үөрүүлээх үтүө күҥҥэр, сырдык дууһатын таҥараҕа туттаран баран, сытарын көрөн баран, кырбаатахха да тахсыбатах хараҕым уута таҕыста А. Софронов
4 #
саҥа алл., кэпс. Үөрүүлээх биһирээһини көрдөрөр, үксүгэр да эбиискэни кытта туттуллар
Нууччалыы Выражает радостное одобрение, обычно употребляется с частицами да
Мүлдьү... Бүү! һук! - дьэ харсыһыы буолла... һок! һок! Чуокка кыайда. Ай-да биһиги Чуоккабыт!
Суорун ОмоллоонАй да, обургуо-о! ПЭК СЯЯ. [Маайыс:] Ай да, аҕам маладьыас (кууһар) С. Ефремов
5 #
Тугу да үөскэппэт буол, үөскэтэр дьоҕургун сүтэр (кырдьан, ыалдьан - киһи, сүөһү туһунан)
Нууччалыы Потерять способность производить, давать что-л. (от болезней, старости, напр., приплод, молоко - о корове)
Үүтүттэн, уруутуттан айан барбыт сүөһү (ынах, сылгы). Уруутуттан айан барбыт киһи буолуо ПЭК СЯЯ