Перевод с якутского
тэрий
туохтуур
Нууччалыы создавать
English to organize, to create
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы создавать
English to organize, to create
оонньууну тэрий устроить игруto organize a game
2 туохтуур #
Нууччалыы снаряжать
English to equip
экспедицияны тэрий снарядить экспедициюto equip an expedition
3 туохтуур #
Нууччалыы устраивать
English to arrange (for)
оҕоҥ кэскилин тэрий устроить ребёнку будущееto arrange the future of one's child
4 туохтуур #
Дьоҥҥо-сэргэҕэ улахан суолталаах туох эмэ саҥаны, урут суоҕу дьону түмэн баар гын, олохтоо
Нууччалыы Основывать, учреждать, организовывать что-л., имеющее общественное значение, путём привлечения общественных сил, сообща, коллективом
Биһиги саҥа олоҕу тутар, урут хаһан да үөскүү илик, киһиэхэ дьиҥ көҥүлү биэрэр саҥа Ил тэрийэр улуу соруктаахпыт.
Н. ЛугиновЫраах тыа сиригэр олохтоох эдэр натуралистар бэйэлэрин илиилэринэн Саха сиригэр бастакы ботаническай саады тэрийдилэр. И. Данилов Аҕалара Василий Алексеевич улахан дуоһунаһыгар олорбохтуох баҕатын толорон либерал-демократтары бэйэтин тула муспута уонна саҥа баартыйа тэрийбитэ У. Ойуур
Өссө холобурдар (3)
Туох эмэ тэрээһини бэлэмнээн ыыт (хол., мунньаҕы, бырааһынньыгы). Θ Организовывать, проводить какое-л. мероприятие (напр., собрание, праздник). Нэһилиэк иһигэр ким да тэрийэрэ биллибэт мунньахтара буолуталыыллар. Амма Аччыгыйа Догдоевтар дьиэлэригэр сылга иккитэ үгэс буолбут бырааһынньыктары тэрийэн доҕотторун ыҥыраллара.
Н. ЛугиновДьэ бу саас үөһэ, от-мас чэлгийэ көҕөрүүтэ, мунньуллубут кымыстарын иһээри ыһыах тэрийээри тэриннилэр Эрилик Эристиин
5 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., туох эмэ үлэни) былааннаан, бэрээдэктээн, сааһылаан ыыт, оҥор; кимиэхэ эмэ (хол., ханна эрэ ыраах айаннааччыга, үлэлии, бултуу барааччыга, ыал буолааччыга) туох эмэ наадалааҕы бэлэмнээн-оҥорон биэр
Нууччалыы Подготавливать, налаживать что-л. (напр., планомерную работу); подготавливать что-л. нужное для кого-л., снабжать кого-л. необходимым для чего-л
Күөх ыраахтааҕы бэркэ сөбүлээн, кыыһын тэрийэн, оҥорон, бухатыырга мэҥэһиннэрэн ыыппыт. Саха фольк Кылаабынай инженер диэн үлэни тэрийэр, үлэ хаамыытын былаанныыр, суоттуур, тутуһар киһи.
Н. ЛугиновКинини [Болоту] ким эмэ үөрэххэ тэрийэр сибикитэ билли бэт Н. Заболоцкай
6 этии #
Нууччалыы Заводить на кого-л. дело
Этиилэр
Дьыала тэрийэр
ким эмэ туохха эмэ буруйдааҕын быһаарар үлэни ыыт Яков Гурьев дьыала тэрийбит.
Алексеев андаатар тириитин биэртин билинэр буоллаҕына дьыала тэрийэр сөптөөх. М. Попов
Тэрийэр кэмитиэт
туох эмэ тэрээһини бэлэмниир үлэни ыытарга талыллыбыт бөлөх.
Организационный комитет.
Владимир Михайлович суруйааччылар сойуустарын тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирэ. Софр. Данилов.
Тэрийэр үлэ
туох эмэ тэрээһини бэлэмниир үлэ.
Организаторская, организационная работа.
Кылбановскайга -- тэрийэр үлэни сатарыппытыгар быыгабар биэрбиттэрэ. В. Яковлев Тэрийэр үлэни тупсарыы былааннаах сорудаҕы толорууга быһаччы төһүү буолар. Дьону үөр. Ср. ДТС, тюрк. тер ‘собирать’