Перевод с якутского
ай-кэрт
туохтуур
Нууччалыы создавать, ниспосылать сверху и обосновать в Срединном мире для устройства счастливой жизни (о высших творцах, живущих…
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
, миф
Бу Орто аан ийэ дойдуга киһи-сүөһү төрдө буолуҥ диэннэр, Саха Саарын Тойону, Сабыйа Баай Хотуну айан-кэрдэн түһэрбиттэрэ Ньургун Боотур
2 туохтуур #
Үөһэттэн үтүө дьылҕалаан, үрдүк аналга Орто дойдуга түһэрэн олохтоо (былыргы итэҕэлинэн, үөһээҥҥи үрдүк айыылар тустарынан)
Нууччалыы Создавать, ниспосылать сверху и обосновать в Срединном мире для устройства счастливой жизни (о высших творцах, живущих, по древнему поверью, в Верхнем мире)
3 туохтуур #
Тугу эмэни тосхой, анаа, өлүүлээ (иччилэр тустарынан)
Нууччалыы Даровать добычу, наделять чем-л. (о духах, могущих даровать добычу охотнику)
Айан-кэрдэн биэрбит, Анаан арчылаан ииппит, Аҕыс кырыылаах таас олбохтоох Сылаас хоннох-быттык, Маҥан баттах, Саһар чанчык, Чүүччү кыламан, Бырдьа бытык. С. Зверев Улуу Үрэхтэр иччилэрэ Хотун эбэлэрим! Үккүрүүр үрүйэлэргит, Тыккырыыр тымырдаргыт, Саккырыыр салааларгыт бастарыттан Айа-кэрдэ, ыыта-кыйдыы олоруҥ!
Өксөкүлээх Өлөксөй
4 туохтуур #
Саҥаны оҥор, туругурт
Нууччалыы Создавать, строить, творить (напр., новую жизнь, новый быт)
Артыаллаһан сылдьаммыт Ааттаах-суоллаах олоҕу Айан-кэрдэн иһиэхпит.
КүндэАа-дьуо олорон, Аргыый-аргыый араартаан, Атын-атын тылынан Айар-кэрдэр айылгы Анаан-айхаллаан арылынна А. Софронов