Перевод с якутского
сараһын
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы человек, в которого волею высших духов вселился бес, нечистая сила, оборотень; что-л., ставшее обладателем злого колдовства
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Киһи абааһыга кубулуйбута, абааһы дьайдаммыта; абааһы кубулҕаттаммыт туох эмэ
Нууччалыы Человек, в которого волею высших духов вселился бес, нечистая сила, оборотень; что-л., ставшее обладателем злого колдовства
"[Айыы кыыһын] Сүр кутун сүүдүтэн, Өһөх кутун уйадытан, Ийэ кутун эрчитэн туран, Сараһыҥҥа киллэриҥ, Дьүөкэккэ холбооҥ, Абааһыга уһуйа охсуҥ эрэ Бэрт түргэнник - Уруу-тарыы хойутаата!" - диэтэ [Абааһы бухатыыра]. Ньургун Боотур. [Орто дойду] Саха киһи сааһын сарбыйааччы Сараһын аймаҕын Салытыан иннигэр Сааллар чаҕылҕан сапсыырдаммыт эбит. Саха нар. ыр. I. Сараһын тириитэ сарапааннаах, Сото уҥуоҕа симэхтээх, Сыҥаах уҥуоҕа туһахталаах, -- Кыыс Кыскыйдаан дуодас гына түстэ.
П. Ойуунускай[Дьырылыатта Дьырыбына кыыс бухатыыр] Сараһын кыыһын сарылаппытынан Хара лааҕай баттаҕыттан Харса суох батары харбаат, -- Сэттэ бэчээтинэй сири Сиҥнэри быраҕан түһэрдэ П. Ядрихинскай
2 аат тыл #
үөхс. Үөдэн, абааһы тыына
Нууччалыы Ругательство, выражающее отрицательную характеристику кого-л.: мошенник, паршивец. [Уолака бэйэтигэр тиийиммит Сатараалы көрөн:] Пахыый, сараһын баара, бэйэтин кыанан баран сытар буолбат дуо!
Чолоҕордор оһох айаҕын аһаҕас бырахпыттар. Бу туох сараһыттарый! П. Аввакумов Бу сараһын уола эмиэ утуйан оҥтордо! ХС
3 этии #
Сараһын сирэй үөхс. - саатар сирэйэ суох түөкүн, дьиккэр И. Гоголев. Ити майгыгыттан Эйигиттэн атын Саатыаҥ этэ, Сараһын сирэй!!! Күн Дьирибинэ. Русск. сарацин
Нууччалыы Бранное выражение, соответствующее русскому ‘мерзавец’. [Нүһэр Дархан:] Миигин умса ууран бараҥҥын, Мин оннубар муҥур баһылык буолаары Кубулунаҕын буолбаат, сараһын сирэй!
4 даҕааһын #
Чараас, ньалака (хол., былыты этэргэ)
Нууччалыы Тонкий и шелковистый (напр., об облаке)
Кырдьыга, кыракый сараһын былыт урут да баарын бэйэлэрэ өйдөөн көрбөт курдук сырыттахтара буолуо. Н. Кондаков Ср. чув. сара ‘голый, нагой’, тат. яр ‘обдирать, лущить’