ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тарый

туохтуур

Нууччалыы сгребать, выгребать, отгребать; что-л. рассыпающееся, смахивать с чего-л

1 туохтуур #

Туох эмэ үрдүн хастыы тардан, сотон, хаһыйан бэйэҥ диэки эбэтэр туора сыҕарыт

Нууччалыы Сгребать, выгребать, отгребать; что-л. рассыпающееся, смахивать с чего-л

  • Тыа саҕатыгар тиийэн куобах уоһун тарыйан мин умуһаҕы начаас хаспытым.
    Далан
  • Баттаҕа сирэйин саба түспүтүн Нина киэр тарыйар.
    Н. Якутскай
  • Чохтон маһынан тарыйан, үппүт хатыыстарын оротолуур.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (4)
  • "Бандьыыт үспүйүөнэ буолуохпун баҕарбаппын!" – диэт, остуолтан аһылыгы сиргэ тарыйан кэбистэ
    ПНИ ДКК
  • Оннук сыҕарытан тугу эмэ тугунан эмэ сап, көм. Θ Гребя засыпать что-л. чем-л. сыпучим сверху. Киһи суола кэлэн олох мас хаптаһынын сыыһынан уонна тамыйах өрүөтүн кэлтэкэтинэн буору тарыйан, иннэ быһаҕас түспүтүн толоро сатыыр эбит.
    Эрилик Эристиин
  • Ити түөһэйбит ыт эрэйдээх өллөҕүнэ, таах соһон кэбиһээйэҕит, иччитин аттыгар буорунан тарыйан кэбиһээриҥ.
    И. Гоголев
  • Бөрө хапкаанын иитэн баран, отунан саба тарыйбыттара
    И. Федосеев

2 этии #

Этиилэр

Быһа (саба) тарыйан көр быһа I

  • Билигин уон төрдүс баһа бэлэм, быһа тарыйан эттэххэ, ити – суруйуу аччыгый аҥаара.
    Н. Габышев
  • Чэ, тугу омуннуомуй, быһа тарыйан эттэххэ сытыы тыаллааҕар арыый бытааннык, сыыдам массыынатааҕар арыый түргэнник айанныыр киһи буоллум.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
  • Саба тарыйан эттэххэ, кыралыын, бөдөҥнүүн, арааһа сүүсчэкэ -- уобарастары оонньообутум буолуо. ЕА Н
    Т. Ср
  • тув., алт., хак., с. -юг. тары ʻсеять, засеиватьʼ

«Т» буукуба