ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэрэмээт

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы недубл¸ная, сыромятная кожа, сыромять; что-л., изготовленное из такой кожи

1 аат тыл #

Таҥастамматах тирии; оннук тирииттэн оҥоһуллубут туох эмэ (хол., быа, кур)

Нууччалыы Недубл¸ная, сыромятная кожа, сыромять; что-л., изготовленное из такой кожи (напр., вер¸вка, пояс)

  • Түүлээх иһэгэйин төргүүлэнэр, Туску бөҕөнү туһаайар Дьоллоох сэрэмээтин тоҥолохтонор.
    Күннүк Уурастыырап
  • Мунньахха -- быа, сэрэмээт, ичигэс таҥас, атын да үлэҕэ наадалаах табаары олох да көрбөттөрүн, этинэн-арыынан хааччыйыы быстыталыырын кириитикэлээтилэр
    Кыым
  • Таҥастамматах тириигэ маарынныыр матырыйаалтан (хол., эрэһиинэттэн) оҥоһуллубут туох эмэ. Θ Какой-л. предмет, изготовленный из материала, напоминающего сыромять (напр., из резины). Эрэһиинэттэн массыына көлүөһэтин эргитэр сэрэмээти, таһаҕастаах элэгэлдьийэ сүүрэр тырааныспар лиэнтэлэрин оҥороллор
    ХС

2 даҕааһын #

суолт. Анал суурадаһынынан буолбакка, оҕунуоҕунан таҥастаммыт (тирии); оннук тирииттэн оҥоһуллубут

Нууччалыы Сыромятный, пропитанный жиром (о коже); изготовленный из сыромятной кожи

  • Лобур [киһи аата] этэрбэһэ сииккэ ньылбы сытыйбыт, истээх сонун кэппит, эргэ сэрэмээт курунан курдаммыт этэ.
    Н. Якутскай
  • Манчаары аҥаар атаҕынан аан холуодатыттан тэбинэн халҕаны тутааҕыттан тардымахтаабытыгар, олуур мас сэрэмээт быата быһа ыстанан, аан тэлэллэ түстэ. Софр. Данилов. Талахтарын уот суоһугар сылыта-сылыта, онтукаларын сэрэнэн торумнаан дугалыы иэхтилэр, итиэннэ сэрэмээт курунан уһуктарын холбуу баайталаан мутукка ыйаатылар. А. Кривошапкин (тылб.)

«С» буукуба