Перевод с якутского
ньиччэҕэй
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы пропитанный влагой, мокрый; влажный. [Уолаттар] ньиччэҕэй буортан халтарыйан, охто сыһа-сыһа, күөл кытыытыгар тиийдилэр
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Ууну оборбут, курдаттыы илийбит; сииктээх
Нууччалыы Пропитанный влагой, мокрый; влажный. [Уолаттар] ньиччэҕэй буортан халтарыйан, охто сыһа-сыһа, күөл кытыытыгар тиийдилэр
Хантан эрэ икки-үс хаһаах сырсан кэлбиттэрэ, ньиччэҕэй бирээдьинэ быанан [Манчаарыны] кэлгийэн кэбиспиттэрэ Н. Заболоцкай
2 даҕааһын #
Үөл, өссө куура илик (үксүгэр тутуу маһын туһунан)
Нууччалыы Сырой, ещё на высохший (обычно о строительной древесине)
Маннык бэйэкээннээх, Бастыҥ мааны балаҕаны Одуулаан көрөн турдахха, -- Сэттэ уон сэттэ Силиргэхтээх ньиччэҕэй тиит Тирээбиллээх эбит Күннүк Уурастыырап Бэһис-алтыс охсуу кэнниттэн киһи тириитэ быһа ыстанар, кып-кыһыл хаан ыһыллар, оруоска ньиччэҕэйгэ, сымнаҕаска түһэр тыаһа ньыллырҕас. Н. Заболоцкай Тэҥн. инчэҕэй
3 аат тыл #
суолт. Туох эмэ сиигирбитэ, уутуйбута сымнаабыта
Нууччалыы Что-л., превратившееся в мягкое, жидкое состояние. [Өлүөнэ Муустаах муораҕа] Эбэм киэнэ ньиччэҕэйин Ийэ сир иҥэрэн Энигиппитэ буолаарай диэн, Илин Сибиир уутун бүтүннүү -- Илдьэ киирдим
4 этии #
Нууччалыы Кое-как, еле-еле сводя концы с концами (жить)
Ньиччэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан - нэһиилэ, онтон-мантан салҕанан тыыннаах эрэ (сырыт) Ньиччэҕэй тирбэҕэ быстыбат, аһаах сигэ тостубат, уол үтүөрбүтэ. М. Попов Ньиччэҕэй эттээх фольк. - тыынар тыыннаах (киһи). Θ Живое существо (человек). Түрмэҕэ өр туталлара буолуо, ньиччэҕэй эттээх тулуйбат сирин кэпсииллэр. Болот Боотур Саа тыаһа салгыны сатарыталаан кэбистэ уонна -- мунан ньиччэҕэй эттээҕи булбатах буулдьалар ытаан-соҥоон аастылар. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
Германияҕа ньиччэҕэй эттээх тулуйбат сорун-муҥун көрбүппүн -- санаан кэлэхпинэ, -- тыыным хаайтаран барар.
М. ШолоховТэҥн. инчэҕэй