ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ылын

туохтуур

Нууччалыы возвр. от ыл = I) брать, взять

Ис хоһооно · 5
I

1 #

ыл диэнтэн бэй. туһ. Сытала суох улахан Сыарҕатын иһигэр, Ыпсыыта биллибэт элбэх Ындыытын ылынна, табыла биллибэт элбэх Таһаҕаһы хааланна. Өксөкүлээх Өлөксөй. Эмээхсин сөтөллөн, хахсайан, Умнастаах хамсатын ылынна. Күннүк Уурастыырап. Куоратчыттар ас-үөл ылынан дойдуларын диэки суолларын көннөрдүлэр. "ХС"

2 #

Тугу эмэ бэйэҥ оҥор, бэйэҥ сүк (хол., атыттарга кыаллыа суоҕу)

Нууччалыы Принимать, брать на себя что-л. (напр., ответственность за что-л.)

  • Луха оҕолору көмүскээн, буруйу барытын бэйэтигэр ылына сатыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин бэйэм тэрийэр оонньуум, Айыытын-харатын бэйэбэр ылынабын.
    И. Гоголев
  • Болот хамначчыт дьахтары олус диэн аһына санаата уонна буруйу бэйэтигэр ылынарга сананна
    Н. Заболоцкай

3 #

Ким эмэ этиитин, тылын, быһаарыытын кытта сөбүлэс

Нууччалыы Соглашаться с кем-л., принимать чьё-л. решение, предложение

  • Мунньах биир санаанан Ананий Золотовскай этиитин ылынна.
    М. Доҕордуурап
  • Тоҕус уоннаах оҕонньор уолун тылын ылынна. Эллэй. Дьиэлээх киһи этиппэт даҕаны, барытын даллайбытынан сөбүлэнэн, ылынан истэ
    Н. Заболоцкай

4 #

Халбаҥнаабат курдук гына, туохха эмэ бигэтик быһаарын

Нууччалыы Твёрдо решиться на что-л., взять на себя смелость в чем-л

  • Оботтоох баайдарга сыстыбат, Кытаанах санааны ылынаар.
    Эрилик Эристиин
  • Онтон кытаанах санааны ылынан таастан тэбинэн сиксиринэ-сиксиринэ тартым.
    Т. Сметанин
  • Үгүстүк толкуйдааһын, бары өттүнэн ыараҥнатан көрүү кэнниттэн, кини чахчы кытаанах быһаарыныыны ылынан, дириэктэр хоһугар көтөн түстэ.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС алын ʽбрать себе (для пользования)ʼ
II

5 туохтуур #

Икки аҥыы бар, ыыра бар, хайдан, арахсан хаал

Нууччалыы Разьединяться, разрываться; отрываться, выпадать

  • Үтүлүктээх бэргэһэлэрин ыйаары гыммыта көхөлөрө ыллан түспүт. ПЭК ОНЛЯ II. Эрбэҕим ыллан дуу, ууллан дуу хаалбата буоллар, ынаҕы сатаан ыах эбиппин.
    М. Доҕордуурап
  • Эбэтэ Оппуруоһа эмээхсин наһаа кырдьаҕас, үлэни-хамнаһы кыайбат, дьааһыйдаҕына сыҥааҕа ыллан түһэн хаала сылдьар
    Кыым

«Ы» буукуба