Перевод с якутского
сэрэн
туохтуур
Нууччалыы осторожничать, побаиваться; остерегаться кого-чего-л
1 туохтуур #
Кимтэн-туохтан эмэ эрдэттэн дьаархан; куттана, салла санаа
Нууччалыы Осторожничать, побаиваться; остерегаться кого-чего-л
Харчытын тутан көрөн баран, баҕар уоран ылыахтара диэн сэрэнэн, этигэр сыһыары курданан кэбистэ. А. Софронов Уу тоҕо охсоруттан сэрэнэн, тутааччылар өрүс аннын кытары бөҕөргөтөргө күһэллибиттэрэ.
Суорун ОмоллоонАйдаартан сэрэниэххэ наада, кини кутталлаах киһи
Н. Лугинов
2 туохтуур #
Харыстанар (харыстыыр), көмүскэнэр (көмүскүүр) курдук сырыт; оннук оҥор, тутун
Нууччалыы Быть осмотрительным, осторожным; делать что-л. осторожно
Сэрэн, өр буолума!
П. ОйуунускайСэрэн, мастаах буолуо, хотуургун алдьатыаҥ. Далан Мин сирийэ көрбүтүм, саһыахпынан саспытым, сэрэниэхпинэн сэрэммитим Н. Якутскай
3 туохтуур #
кур. Кими эмэ куттуурдуу, дьулатардыы саанан этии
Нууччалыы Слово, выражающее угрозу, грозное предупреждение (смотри у меня)
Додор кулуба удаҕаҥҥа: "Дьэ, Улуу тойон кыыһын миэхэ ойох дьахтарынан киллэрэн кулу, киллэрбэтэргин эрэ, сэрэнээр!" – диэбит. Саха фольк Ити диэн өссө кырата, дьэ, аныгы буруйгар сэрэнээр! Эрилик Эристиин "Чэ, барыах, сымыйалыаҥ да, сэрэн!" – диэн баран уолчааны саҕатыттан харбаан ылан иннигэр укта уонна эргэ өтөх диэки дьулурутта. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС сэрин ‘сомневаться, иметь подозрение’