Перевод с якутского
эйэлэс
туохтуур
Нууччалыы прекращать вражду, восстанавливать добрые отношения, мириться, жить в мире, согласии
1 туохтуур #
Кимниин эмэ тэйсэ сылдьан баран, сыһыаҥҥын эмиэ тупсар, эйэлээх буолан бар
Нууччалыы Прекращать вражду, восстанавливать добрые отношения, мириться, жить в мире, согласии
Кэбис, улахан сиэтин, Күлэ-үөрэ көрсүөххэ! Эрэйдэниэх кэриэтин Эйэлэһэн кээһиэххэ! Баал Хабырыыс Нараҕаннаах Баһыккалааҕы кытта эйэлэһэннэр, уруккуларын курдук ини-бии кэриэтэ олорбуттара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ол эрээри, сүүрүк ат курдук сырса оонньуурбут уурайан, ыаллыы-дьоннуу дьон быһыытынан эйэлэстэхпитинэ, соччо куһаҕан буолбата буолуо М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Туох эмэ омнуолааҕы кытта сөпсөс, аахайбат курдук буолан хаал (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар)
Нууччалыы Относиться терпимо к чему-л., мириться с чем-л. (преим. употр. в отриц. ф.)
Итэҕэстэри кытта эйэлэһимэ. Пионер кылаас өстөөҕүн кытта эйэлэһиэ суохтаах, кырдьык иһин куруук охсуһарга бэлэм буолуохтаах, – дэтэлээтэ Чүөчээски.
Суорун ОмоллоонЯн Райнис хапыталыыстарга эйэлэспэт кыр өһүн аан бастаан бигэтик өйдөөбүтэ. Софр. Данилов. Суруйааччы билигин бары күүһүн сири-дойдуну харыстааһыҥҥа, айылҕаны харыстаабат буолууну кытта эйэлэспэт охсуһууга турда ХС