ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэрэниис

Нууччалыы выступ в верхней части здания над дверью, окном; карниз

Ис хоһооно · 6

1 #

Хоруобуйа аннынан, аан, түннүк үрдүнэн оҥоһуллар, сабырыйан эбэтэр лоппойон турар оҥоһук

Нууччалыы Выступ в верхней части здания над дверью, окном; карниз

  • Дьиэ түннүктэрэ, нэлииһинньиктэрэ, кэрэниистэрэ маҥан уонна от күөҕэ кырааскалаахтар.
    ХС
  • Уһуктан кэлбитим, оҕом мин хонноҕум анныгар киирэн, дьиэ кырыысатын кэрэнииһин анныгар хорҕойбут барабыай чыычаах курдук, оргууйдук тыынан бурдургуу сытара. М. Шолохов (тылб.)

2 #

Түннүк сабыытын ыйыыр мас, тимир

Нууччалыы Поперечина над окном для штор, занавесок; карниз

  • Маҕаһыыҥҥа кэрэниис атыыланар

3 #

Кэрдиис-кэрдиис эбэтэр кирилиэс курдук оҥоһуулаах оһуор ойуу

Нууччалыы Узоры в виде выступов или лесенок

  • Тамылҕаннаах иһит Тардыллыбыт, Кэрэниистээх иһит Кэккэлэспит.
    П. Ойуунускай
  • Кэрэниис ойуулаах Сэттэ ситэ сэргэни Кэккэлэччи аспыттар.
    П. Ядрихинскай
  • Чүөмпэттэн чүөмпэҕэ ситимнэһэн уу, кэрэниис ойуу курдук, дьэрэлийэ уһунна
    М. Доҕордуурап

4 #

Үөһээ Дьылҕа тойон бухатыырдар дьылҕаларын быһаарар таас остуолбатыгар баар суруйар миэстэтэ

Нууччалыы В верхнем мире у Дьылга Тойона (Божество Судьбы) место на каменном столбе, где кровью прописывается судьба богатырей

  • Түөрт уһуктаах, аҕыс кырыылаах чэркил таас остуолбаҕа "Бастыҥ бухатыыр буоллун!" - диэн үөһээ кэрэниискэ субай хаанынан суруйбуттара үһү
    Ньургун Боотур

5 #

Кирилиэстии үөһэ тахсан иһэр, эбэтэр кэрдиис курдук буолан көстөр сир, хайа, хотоол эҥин

Нууччалыы Волнообразный или ступенчатый вид чего-л. (гор, возвышенностей и др.)

  • Бурхалей сэндэҥэ соҕус бэс чагда быыһынан, кырдьаҕас киһи сүүһүн курдук кэрэниистэрдээх хайа үрдүк чабырҕайын үрдүттэн өҥөс гына түстэ.
    Эрилик Эристиин
  • Эдэр киһи, хаамыый күүскэ, Дабай үрдүк кэрэниискэ. БАИ Х. Хас хос таас быллаардары, Хас кэрэниис хотооллору -- Хаана уордаах күрүлгэнин Хайа тыыран туораатылар
    ҮӨЫ
  • Модьоҕо, суол модьоҕото. Θ Закраины дороги. Бу мөхсөр долгуммут диэхтээн, Оҕобут оонньуута буоллаҕа. Кэрэниис-кэрэниис кирдиэхтээн, Килбэйэн, дьэҥкэрэн ыллаҕа.
    С. Тимофеев
Өссө холобурдар (1)
  • Бу хайа анараа өттүгэр, ыллык суол муораттан сүүрбэ миэтэрэ үрдүгүнэн хайа быарынан барар. Ол устун көнөтүк барар суол кэрэнииһэ синньигэс буолан - кутталлаах. В. Арсеньев (тылб.)

6 #

бэй. туһ. Уустук оһуор анньарга аналлаах тимирдээх устуруус

Нууччалыы Фигурный рубанок, калевка для вычерчивания сложных фигур

  • Кэрэнииһин тимирин сытыылаата

«К» буукуба