Перевод с якутского
кэрэниистээ
туохтуур
Нууччалыы украшать верхнюю часть здания над дверью, окном, украшать карнизами
1 туохтуур #
Хоруобуйа аннынан, аан, түннүк үрдүнэн хаптаһынынан, араас сарбынньахтаах оһуордарынан киэргэт
Нууччалыы Украшать верхнюю часть здания над дверью, окном, украшать карнизами
Сибиряктар олорор дьиэлэрин түннүктэрин тас өттүн, ыстаабыналарын кэрэниистээн киэргэтиилэрин уратыларын быһаарыы эмиэ болҕомтону тардар ХС
2 туохтуур #
Кэрдиис, кирилиэс курдук оҥорон киэргэт
Нууччалыы Украшать орнаментом в виде зубчатых выступов, лесенок
Уу үрүмэ дуйун тыал үрэн дьэрэлитэр, кэрэниистиир, кэрдиистиир. Далан Кынчаайап Буккунаахтыын буолан, Кылбаччы-килбэччи суоран, Саҥа пааматынньык туттулар, Сарбынньахтаан, кэрэниистээн оҥордулар С. Васильев