ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сиҥнэр

Нууччалыы свергать, уничтожать, прекращать существование чего-л

Ис хоһооно · 4

1 #

сиҥин диэнтэн дьаһ. туһ. [Нүһэр Дархан:] Тыал сиҥнэрбит баай тиитин тулатыгар Ыччат титирик ыга үүнэр. И. Гоголев. [Захар:] Тыраахтар охторбут маһа "Кутуйахтаах" бааһынатын бүтэйин сиҥнэрбит эбит. С. Ефремов

2 #

Түҥнэр, эс, суох гын

Нууччалыы Свергать, уничтожать, прекращать существование чего-л

  • Сэриинэн түспүтү сиҥнэрэ тур!
    П. Тобуруокап
  • Кырыыстаах сэрии сиҥнэрэн ааспытын оһорон-оҥорон элбэх да сыра, үгүс да күүс барбыта.
    П. Аввакумов
  • Баай-тойот дьиикэй батталын сиҥнэр!
    ТЛ-

3 #

// Кыайа-хото өлөр-өһөр, кыдый

Нууччалыы Уничтожать, истреблять кого-чего-л

  • Максим эһэ-бөрө бөҕөнү, тайах бөҕөнү сиҥнэрэн, ийэтигэр аҕалара.
    Л. Попов
  • Элбэҕи даҕаны сиҥнэрдэ Соҕотох буойун.
    Баал Хабырыыс
  • Сарсыарда истибитэ Сааһыттар кини уутуттан Отучча куһу сиҥнэрбиттэр
    В. Гольдеров

4 #

Кыайа-хото оҕус (оту), оту охсон өлгөмнөө

Нууччалыы Накосить, навалить много травы. [Петров:] Кэпсэтии быһаччы, Сүөкүлэ

  • Сарсыҥҥыттан от үлэтигэр таҕыс. [Сүөкүлэ:] Оттон тахсан көрөө инибин, төһөлөөх үлүгэр оту сиҥнэрэр үһүбүн.
    А. Фёдоров
  • Хотуурдаах уолаттар от бөҕөтүн дьэ тэлэкэлээн, сиҥнэрэн ахан эрэллэр.
    ХС
  • Бу оройуон сопхуостара сүүс отут үс гектар сир отун охсон сиҥнэрдилэр
    Кыым

«С» буукуба