Перевод с якутского
оҥочо
аат тыл
Нууччалыы лодка, ладья
English boat
1 аат тыл #
Өрүскэ мииниллэр улахан тыы (икки өттүнэн эрдиилээх, эрдиитэ хас да кэккэ буолуон сөп)
Нууччалыы Лодка, ладья
Суоттуттан Дьокуускайга диэри оҥочонон айаннаан, аара биир хонон сылайан-элэйэн, Дьокуускай куораты буллубут. В. Протодьяконов Алта мастаах оҥочонон тырыттыбыт таҥастаах дьахтардаах эр киһи сүүрүк хоту усталлар. Н. Павлов Эмиэ да борохуотунан, оҥочонон улуу Өлүөнэни өксөйөн, тэлиэгэлээх, ыҥыыр атынан ыйы быһа айаннаан, Иркутскайга тиийэн кэлбитэ П. Филиппов
2 этии #
Нууччалыы Имеющий длинный и густой хвост (о лошади)
Оҥочо кутуруктаах фольк. - уһун хойуу кутуруктаах (сылгыны хоһуйан этиигэ) Лаппаҕаркаан самыылаах, Оҥочо куйаар кутуруктаах, Хаҥаластай быччыҥнаах, Сабакалыыр дьаҕыллаах, Аҕыс адаар мүһэлээх, Түөрт түөрэҥ туйахтаах, Дьөһөгөйтөн төрүттээх Соноҕостой барахсан! Саха нар. ыр. II. Оҥочолооҕун оҥор кэпс. - кэһэт, улахан буруйга-сэмэҕэ тарт. Θ Наказать за какую-л. провинность, проучить сурово кого-л. Оттон эн [Сипсики] бассабыык үспүйүөнэ буолан кэлбиккин билиэм да, оҥочолооххун оҥоруом. Л. Попов Ырыалартан, хоһооннортон Ыраах курдук саныыр этим, Ытыктыы, оонньуу оҥосто Ыстырыыстыыр да кэмнээҕим. Онтум баара, доҕорум Оҥочобун оҥордо - Хоһооннорум сордоохтору Хол-буут быһа олордо. С. Тарасов Айыы таҥара, оҥочолоох оҥоһуубун оҥордо. Баайбын биирдэ уурдарда уонна, туоҕа итэҕэс буолан, түүлбэр киирдэ?.. А. Сыромятникова
3 этии #
Нууччалыы Моторная лодка
Мотуордаах оҥочо - мотуор күүһүнэн устар оҥочо Сайыҥҥы кэмҥэ үгүс оробуочайдар балыктааһынынан дьарыктаналлар. Элбэх киһи бэйэтэ мотуордаах оҥочолоох. ДьИэ Б. Ср монг. онҕуча, тув. оҥгача ‘лодка’, эвенк. онгкочо ‘досчатая лодка’