ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыы

аат тыл

Нууччалыы лёгкий ялик; лодка

English a light skiff, a boat

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы лёгкий ялик; лодка

English a light skiff, a boat

  • тыынан уһун
    плыть на яликеto swim on a skiff

2 аат тыл #

Маһы дьөлө хаһан, куоһаан оҥоһуллубут баат; кыра, мас устар аал

Нууччалыы Маленький лёгкий чёлн, ветка; маленькая деревянная лодка

  • Хомус быыһыгар сытар эргэ мас тыы уутун сүөкээн иһирдьэ устан киирдэ. Софр. Данилов. Үрүҥ тумаҥҥа, үөл-дьүөлгэ Үрдүбэр көтөллөр үөр кустар. Хомуһу быыһынан Ытык күөлгэ, Туманы силэйэ, тыым устар.
    Л. Попов
  • Күөл кытыытыгар эр дьон уһун ньолбуһах тыылартан чыыры сүөкүүллэр, балыктыыр тэриллэрин бэрийэллэр. С. Курилов (тылб.)

3 аат тыл #

Сайыҥҥы муҥхаҕа бултанар балык кээмэйэ

Нууччалыы Мера улова при летней неводьбе

  • Элиэлэри күҥҥэ үстэ көрүөхтээххин, биирдии көрүүгэ түөртүү-биэстии толору тыы балыгы ылаҕын.
    С. Руфов
  • Дьиҥинэн, балтараа тыы буолбатах, икки аҥаар тыы балык кэлбитэ
    Д. Таас

4 этии #

Нууччалыы Подвести поставить кого-л. в затруднительное положение; обмануть кого-л. (букв. он посадил его на лодку без вёсел)

Этиилэр

Эрдиитэ суох тыыга олорто

кими эмэ улахан кыһалҕаҕа киллэрдэ; албыннаата Ол гынан баран бу улахан тутууну ыытарга үп-харчы өттүнэн иннин тымтыктаммакка эрэ, эрдиитэ суох тыыга олорон устар курдук таах даллайан иһэр салалта баар буолуон түктэри.

  • [Семён:] Суругу кытта [хаартыскабыт] куораттаабыта. [Дуня:] Кэм буолуо. Ити аата эрдиитэ суох тыыга олордохпут. Н. Туобулаахап

5 этии #

Нууччалыы Лёгкая берестяная лодочка. [Нүһэр Дархан:] Мин саллар-сааспар бэйэм эрэ туспар Дохсун балкыырдыы, туос тыы курдук, Соҕотоҕун өрө тустубутум

Этиилэр

Туос тыы

туостан оҥоһуллубут чэпчэки тыы И.

  • Гоголев. Сарсыарда Сомоҕоллой Даадарга көһөн барарын кытта, бары үтүө ырата-баҕата туос тыы курдук соҕотохто түөрэ сүөкэммитэ.
    Болот Боотур
  • Туос тыы үс киһини уйбатын билэбин. Онон мин кытылга хаалабын.
    В. Иванов

Тыы көҕөн

атыыр көҕөн.

Селезень кряковой утки.

  • Уу көтөрдөрө. Тыы көҕөн. ВПК ОТҮө.

Тыы кэмэ

күһүнүн балыктыыр сөрүүн кэм.

Осенние прохладные дни, когда начинается ловля рыб.

  • Тыы кэмэ буолан, Абакыын Ньукулай оҕонньордуун балыктыы киирбиттэрэ. Нэртэ. Эчи тыы кэмэ (муус тоҥуон иннинэ балык сылдьар бириэмэтэ) бүтэрэ аҕыйах хонук хаалла, оттон мин бу сырыттаҕым.
    ХС
  • Ср. кет. ти ʽлодка средней величиныʼ

«Т» буукуба