ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыылан

туохтуур

Нууччалыы обзавестись собственным челном, лодкой

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Тыылаах буол, бас билиигэр тыыны ыл

Нууччалыы Обзавестись собственным челном, лодкой

  • Хайа муҥун, дьэ тыыланным

2 туохтуур #

Тыыга олорон айаннаа, тыынан уһун

Нууччалыы Плыть на челне, лодке

  • Көрөҕүөт, мин тыыланаммын Күөлгэ илиммин үтэрбин.
    Баал Хабырыыс
  • Дьон иҥнибэттэр, халҕаһаны быыһынан тыыланаллар.
    А. Сыромятникова
  • Эр дьоннор ыалтан ыал ыккардыгар тыыланан дайаарыталлара
    Ойуку

3 туохтуур #

Тугунан эмэ өртөй, тууһугур, тугу эмэ (үксүгэр соччо үчүгэйэ суоҕу) гынар идэлэн

Нууччалыы Заиметь привычку делать что-л., поступать как-л. (обычно предосудительно)

  • Сутуругунан тыыламмыт өтөгөр Сүөдэри хамньаҕалар тула түһэн, саҥарыахтааҕар саҥарбатах оҥордулар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Лиэп Буудап Тиэхээни эттиэҕин Дьон бэрдэ баар буолан туттулар. Ол иһин мунньаҕы тарҕатан Үҥсүүнэн тыыланан бардылар. Эллэй. Мунньах дьоно бары да сутуруктарынан тыыланнылар. Уолуктаһыы, үтүрүйсүү…
    И. Никифоров

4 этии #

Нууччалыы Молоть языком, болтать чепуху

  • Тылынан тыыланар кэпс., сөбүлээб. – буолары-буолбаты мээнэ саҥарар, лахсыйар Тылынан тыыланан куотар (өс хоһ.). Ираида Ивановна соторутааҕыта Дьокуускайга баран эмтэ-томто ылан кэл, наар тылгынан тыыланан бэлэмҥэ мээтиргээмэ диэбиттээх.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Тэҥн. тылгын тарбаа, тылын ыстыыр

«Т» буукуба