Перевод с якутского
өксөй
туохтуур
Нууччалыы плыть против течения
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Сүүрүгү өрө уһун (борохуотунан, тыынан о. д. а.)
Нууччалыы Плыть против течения (на пароходе, лодке и т. п.)
Соҕуруу диэки куба маҥан теплоход сүүрүгү өксөйөн сундулуйа устар. П. Аввакумов Тыытын ууга анньан, эрдэ үөрүйэх киһи быһыытынан, сүүрүгү өксөйбүтүнэн барда В. Тарабукин Үрэх сүүрүгүн өрө уһун (үрэххэ ыы тахсар балык туһунан). Θ Плыть против течения (о рыбе, во время нереста). Ыамын кэмигэр, оҕо хаалларар баҕаттан, балык сүүһүнэн биэрэстэни өксөйөр. Я. Семёнов
Өссө холобурдар (1)
Өксөйөн иһэр кеталар онно-манна харгылыын хатыһар дьураалара эриэн үөннүү эриллэр. Доҕордоһуу т
2 туохтуур #
Кытыл устун сүүрүгү өрө бар, айаннаа (тыыны, оҥочону быатыттан соһон)
Нууччалыы Идти, ехать против течения (вдоль берега бечевой тягой)
Илиитин улук буолуор диэри эрдинэ сатаан баран, тыытын кытыыга таһааран, быатыттан соһон, сүүрүгү өксөйдө. В. Тарабукин Чаара өрүһүн өрө өксөйөн, омоох да буоллар кэм суоллаах сиринэн, Молбо төрдүгэр айанныырга быһаарынныбыт Я. Семёнов
3 туохтуур #
Дабааны, эниэни дабай, өрө таҕыс
Нууччалыы Подниматься на перевал, идти, ехать вверх по склону горы
Ол эниэ суолунан өксөйөн, Көҥүлүн көрдөһө барбыта. Кинини Сиэҥкэ уол өйдөтөн Дьол-соргу суолларын булбута. Эрилик Эристиин Володя Авдеенко Гриша Герасимовтыын кэдээл үөһэ өттүттэн таҥнары кэлиэхтээхтэр, уоннааҕылар кэдээли өксөйүөхтээхтэр П. Егоров
4 туохтуур #
Утарылас, утары саҥар, утары бар
Нууччалыы Перечить кому-л. в чем-л., идти наперекор кому-л
Өссө өксөйө олороҕун. Өссө өксөйөөрү гынаҕын дуу? Эн миэхэ өксөйүмэ. ПЭК СЯ Я. Ср телеут. өксө ‘подниматься вверх, возноситься’, монг. өгсөх ‘идти, ехать вверх по реке, подниматься на гору’