ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өкөччү

сыһыат

Нууччалыы сгорбившись

1 #

сыһ

  • Хараҥа муннукка өкөччү туттан олорор кыракый эмээхсин бэйэтэ арыычча барыйан көстөр.
    Амма Аччыгыйа
  • Кинини адьаһын ыксатынан, икки көлүөһэ үрдүгэр сарайдыы сылдьар сис тимир үрдүгэр өкөччү туттан олорбут мааны таҥастаах киһи эмискэччи талыгыратан ааста.
    И. Никифоров
  • Сотору буолаат, таһырдьаттан Кыһалҕа ойуун ыалдьыбыттыы өкөччү туттан киирдэ
    И. Гоголев

2 #

Нүксүччү, бөкчөччү туттан

Нууччалыы Сгорбившись, наклонившись корпусом вниз, вперёд

3 #

Кынньары, умсары (түспүт, ууруллубут), охтоору гыммыт курдук, умса

Нууччалыы Криво, с большим креном, как будто сейчас упадет навзничь

  • Эһэтэ ыйбытыгар, ыйыппытыгар өйдөөн көрбүтэ, кырдьык, ыраах соҕус, өкөччү түспүт кириэс маска күн уота тыган саһардан турара.
    Н. Якутскай
  • Уҥа эркиҥҥэ улахан сиэркилэ умса өкөччү ууруллубут
    Эрилик Эристиин

«Ө» буукуба