Перевод с якутского
уһуй
туохтуур
Нууччалыы обучать, приобщать, приохотить кого-л. к чему-л
English to teach, to train
1 туохтуур #
Кими эмэ туох эмэ үлэ эбэтэр өй-санаа мындырын барытын сатыыр, баһылыыр гына иитэн-үөрэтэн таһаар
Нууччалыы Обучать, приобщать, приохотить кого-л. к чему-л
Баһылай оҕонньор булт бөҕөнү сууһаран, ити удьуор идэтигэр улахан уолун Маппыйы уһуйбута. П. Аввакумов Дьон үтүө быһыыта үчүгэйгэ уһуйар, дьон мөлтөх быһыыта куһаҕантан тэйитэр. И. Сосин Ойуун кыыран-таныйан, уһуйбутунан барбыт ИСА
Өссө холобурдар (2)
Тугу эмэ (хол., кыылы) тугу эмэ сатыырга, туох эмэ үөрүйэххэ үөрэт. Θ Приучать кого-л. (напр., животных) к каким-л. навыкам, дрессировать. Ханна эрэ суор обургу, номнуо оҕолорун көтүтэн, уһуйан хооҕургуур. Болот Боотур Уҥуоргу куулаҕа оҕолорун уһуйан, ийэ суор үрүт-үөһэ кыламмахтыыр В. Титов
2 туохтуур #
Кыратык хайа бар, хайдаары гыммыт суоллан
Нууччалыы Дать трещину, иметь трещину
Алтан суунар иһит анныгар биир да сиринэн уһуйбатах лаахтаах ыраас таас турар. Эрилик Эристиин Саа маһа уһуйдаҕына, чараас туоһунан эрийэн хам туттараллара. НБФ МУу СОБ. [Сулугас:] Хата, туурата барбыт, пахай, манан төрүт да уһуйан сылдьар эбит дии Чолбон