Перевод с якутского
эрчий
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы прививать кому-л. какой-л. навык, приучать к чему-л., упражнять, тренировать
English (sports) to exercise, to train, to develop
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Тугу эмэ кимиэхэ эмэ үгүстүк оҥорторон, үлэлэтэн, бэйэтэ сатыыр, кыайар буоларын ситис
Нууччалыы Прививать кому-л. какой-л. навык, приучать к чему-л., упражнять, тренировать
Кини Никита эрчийэр бөлөҕөр сааһынан саамай эдэрдэрэ эрээри, барыларыттан сылбырҕа, түргэн буолан кэскиллээхтэрэ.
Н. ЛугиновМин иэмэхтээн эрчийбит эрэттэрим бэйэм курдук Илбистээх илиилэнэн, Ыар тыыннанан хаалааччылар. И. Гоголев Оҕолорбутун эрчийэн, кыылга-сүөлгэ үөмэргэ, бултаһарга үөрэтэн көрүөхпүт этэ буоллаҕа. С. Тумат
Өссө холобурдар (1)
Кини эрчийбит спортсменнара учууталларын албан аатын түһэн биэрбэтэхтэрэ И. Федосеев
2 туохтуур #
Бэйэҥ күүскүн-уоххун, олоххо тулуургун дьарыктанан сайыннар, олох ыарахаттарын тулуйарга үөрэн
Нууччалыы Приучать себя к преодолению трудностей, невзгод
Ким харса суох үлэлии, хаама үөрэммит, ким этин-хаанын эрдэттэн эрчийбит – ол үчүгэй салл аат. Т. Сметанин Атынан айаннааһын киһи тулуурун, кыаҕын эрчийэр Күн Дьирибинэ Эдэр саастан олох ыарахаттарын тулуйан, олоххо буһан-хатан таҕыс. Θ Учить преодолевать трудности, невзгоды (о жизни). Олох барахсан үөһүгэр уктан, уһааран, өлбөт үөстээн, имитэн эллээбитэ, оҕо сааска үлүскэн үлэ, сут-кураан инчэҕэй талахтыы эрийэн эрчийбитэ Чолбон
3 туохтуур #
Айааһаан, сыһытан көлүүргэ, ыҥыырга үөрэт (хаҥыл сылгы туһунан)
Нууччалыы Укрощать, усмирять, приручать, объезжать (о необъезженной лошади)
Туллай, Охоноон, Уораан күн тура-тура аттарын эрчийэн түбүгүрэллэрэ И. Федосеев
4 туохтуур #
Култуурунай үүнээйини сөрүүҥҥэ тутан тымныыны тулуйарга үөрэт
Нууччалыы Приучать к холоду путём содержания в прохладе (о теплолюбивых растениях)
Ичигэһи сөбүлүүр култуура арассаадатын тымныыга эрчийдэххэ тымныыны тулуйумтуота биллэрдик үрдүүр. ФНС ОС. [Сорох оҕуруотчуттар] үүнээйи тэмпэрэтиирэ уларыйарын, намыһах тэмпэрэтиирэни тулуйумтуо буоларын наадатыгар эрчийэллэр, үөрэтэллэр. ББКПДь. Уларыйа сылдьар тэмпэрэтиирэҕэ эрчийэр кэмҥэ оҕурсу сиэмэтин араскыта кылгас, бөҕө силис бытыктардаах буола үүнэр СГС ОАКЭ
5 туохтуур #
Эрчимнэ, күүстэ киллэр (ап-хомуһун күүһүнэн)
Нууччалыы Придавать силу, энергию (напр., путём волшебства)
Уолан киһи кыыс дьахтар икки сүрэхтэрин хаанын холбуур ап хомуһунун туора эрчийэн кулу! Иитэр сүөһүбүт сүрэҕин-быарын манньытар ап хомуһунунан туора эрчийэн биэр! ПЭК СЯЯ. Биэс тарбахпар мэнэгэйдэ кэбиһэн кулу, эрбэхпэр имэҥнэ эрчийэн кулу. ПЭК ОНЛЯ I Умсугут, баҕарт. Θ Приворожить, пристрастить. Туора хаартыга тууһурдан, туруудалаах олоҕун тулхадытаҕын, эбиэннээх хаартыга эрчийэн, элбэх эбээһин (сээбэһин) эстэрэҕин.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСр. бур. эршэ ʽсилаʼ