ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

төлө

Нууччалыы в сочетании с некоторыми глаголами означает резкость, силу и завершённость действия: төлө ас "резко открыть, раскрыть, вскрыть; резко оттолкнуть", төлө көт "резко, внезапно выскочить, вырваться, высвободиться", төлө оҕус "резким ударом выбить", төлө тарт "высвободить, вскрыть, развязать резко и сильно", төлө тут, төлө ыһыгын "выпустить, обронить"

1 #

Сорох туохтуурдары кытта соһуччу уонна эрчимнээхтик буолар дьайыыны көрдөрөр: төлө ас, төлө бар, төлө көт, төлө оҕус, төлө тарт, төлө тут, төлө ыһыгын

Нууччалыы В сочетании с некоторыми глаголами означает резкость, силу и завершённость действия: төлө ас "резко открыть, раскрыть, вскрыть; резко оттолкнуть", төлө көт "резко, внезапно выскочить, вырваться, высвободиться", төлө оҕус "резким ударом выбить", төлө тарт "высвободить, вскрыть, развязать резко и сильно", төлө тут, төлө ыһыгын "выпустить, обронить"

  • Тыы түөрэх гынна да, оҕонньор саппыйатын төлө тутан кэбистэ.
    И. Гоголев
  • Хачыгыр -- чэҥи-мууһу ытырбыт холуодатыгар хам тоҥмут халҕаны төлө анньарын кытта ахсынньы ыйдааҕы аан-туман сыгынньах түөһүгэр өрө кэтиллэ түстэ.
    Эрилик Эристиин
  • Уу соҕотохто төлө көтөн, өрө бирилии, дэбилийэ уһунна
    М. Доҕордуурап

2 этии #

Нууччалыы Внезапно, резко высвободиться, будучи сдерживаемым чем-л

Этиилэр

Төлө бар

туохтан эмэ тутуллан туран эмискэ, дохсуннук босхо бар, төлөрүй Быалаах талах төлө бараатын кытта, көмүс кытыйа төкүнүйэ түһэр үһү (тааб.

  • : айа эстэрэ, булт өлөрө). Хаайтаран, түмүллэн турбут күүс төлө барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Төлө барар дүрбүөн тыаһы Түҥ ойуур күүтэн турда.
    ХС

Төлө биэр

олус омуннаахтык тугу эмэ гын, оҥор.

Выдать, выполнить, сделать что-л. очень быстро, мгновенно, одним духом.

  • Саа уоһуттан эрчимнээх буруо төлө биэрэрин кытта, суор аҥаар кынатын хообурҕаччы сапсыммытынан, ыраас ортотугар тиийэн олоро түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини кэпсэтиитин быыһыгар "эй-ээх" диэн тылы хойуутук туттааччы уонна "эй-ээх" диэтэр эрэ төлө биэрэн күлэн барааччы.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • "Заря" [яхта], үһүс хаһыытын төлө биэрээт -- ыраатан барбыта.
    П. Филиппов

Төлө көт көр көт I

  • ГЭС тутуута сыл бүтүүтүгэр ыган кэлбит үп-харчы өттүнэн буомурууттан төлө көтөр суола арыллыбыта, салалта уларыйыытын туһунан араас түөрэккэй сабаҕалааһыннар букатыннаахтык ньам барбыттара.
    В. Яковлев

Төлө тарт

тугу эмэ гынаргын, оҥороргун хара ааныттан тэниччи тардан саҕалаа, туох эмэ саҕаланарыгар олук уур.

Давать начало чему-л. очень бурному, страстному.

  • Сохсо суулларыныы соһумар алдьархайы Сыллай төлө тарта эбээт!
    Амма Аччыгыйа
  • Мөлтөөбөт мөккүөрү төлө тардан кэбиспит киһи баар ини.
    Г. Нынныров
Өссө холобурдар (1)
  • Эһэм оҕонньор -- көхсүнэн уокка аргынньахтыы олорон баран, кэпсээнин төлө тардан кэбиһэр.
    Р. Кулаковскай

Төлө тут

туох эмэ үчүгэйтэн, кэрэттэн мат, өйдөөбөккө, сыыстаран мүччү тут.

Упустить, потерять что-л. ценное, прекрасное.

  • Ону [дьиҥнээх тапталы] көрүстэххинэ, төлө тутума, кини туһугар охсус.
    И. Гоголев
  • Чолоҕор, акаарыбынан, Дьолбун төлө туппуппун.
    С. Васильев

Төлө түс

1) тугу эмэ уҥуордаа, туораа.

Переходить что-л.

  • , миновать, преодолевать какое-л. пространство.

Түргэн борокуот

Чүмэчи арыытын төлө түһэн Хатыыстаах үөһүгэр Халыарытан-хамсатан киирдэ. Саха нар. ыр. III. Ойууру төлө түһээти кытта, киэҥ нэлэмэн хонуу көһүннэ. ВА; 2) көсп. төһө эмэ кэми этэҥҥэ туораа, аһар.

Переживать, миновать, проходить благополучно какой-л. отрезок времени.

  • Сүүрбэ биэһин-алтатын эрэ төлө түспүт -- эдэр киһилиин бастаан Дьокуускайга хомсомуоллар кэмпириэнсийэҕэ түбэсиһэн илии тутуспуппут.
    В. Васильев
  • Быйылгы дьылы төлө түстэр, профтехучилищеҕа киириэн баҕарар. ЧКС АК; 3) көсп. туох эмэ буомтан, күчүмэҕэйтэн куот, мүччүрүй. Избежать, спастись от какой-л. неприятности, трудности. Иванов иккис моһолтон эмиэ төлө түстэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
  • [Быһыкка Бааската] хаайыыга олоро түһэн баран, кини обургу кэм да сатаан төлө түһэн, нэһилиэгэр тахсан тииһин-тыҥыраҕын кумунан олорбута.
    Н. Кондаков
  • Ср. монг. дөлире ʻотделятьсяʼ

«Т» буукуба