ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тута

сыһыат

Нууччалыы немедленно, тут же, сразу

1 #

сыһ. Сонно тутуһан туран, уталыппакка (тугу эмэ гын)

Нууччалыы Немедленно, тут же, сразу (делать что-л.)

  • Тута бил. Тута өйдөө. Тута сөбүлэс.
  • Эһигиттэн икки суругу туттум буолан баран, тута эппиэттиир түгэн суоҕа.
    Н. Якутскай
  • Пал Палыч киһитэ туохтан эрэ санаарҕаабытын тута сэрэйдэ.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Сонно тута, холорук курдук, икки аттаах киһи мас быыһынан элэгэлдьэстилэр
    А. Сыромятникова

2 этии #

Этиилэр

Тута барда көр бар

  • Ол дьааты кыратык да сиэтэххэ, тута барыллар. ГНС СТДСТ. Икки козёл оҕотун ытан ыллым; биирэ тута барда, атынын атахха таптым.
    Д. Дефо

Тута сөрөөн (бааччы, баттаһан) көр сөрөө

  • "Саамай сөптөөх этии!" – Хаарчаан тута бааччы сөбүлээбитин биллэрдэ.
    Болот Боотур
  • Моҕотой чөҥөчөк көҥдөйүгэр ыстанна, Кеша тута баттаһан, тутан ылыах толкуйдаах.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Эҥин бэйэкээннээх дьиктилээх түгэннэр ардыгар айаннаан истэххинэ көтөн түһээччилэр, олору тута сөрөөн сурукка киллэрбэтэххинэ, умнуллан хаалаллар. Р. Баҕатаайыскай

3 этии #

Тута сыһыат туохтуур төхт. көрүҥ. – сүрүн хайааһын иннинэ аҕай оҥоһуллар ойоҕос хайааһыны көрдөрөр -аат сыһыарыылаах сыһыат туохтуур (хол., бараат, көрөөт, ылаат) Тута сыһыат туохтуурдаах этиитэ толкуйдааҥ

Нууччалыы Деепричастие на -аат, обозначающее побочное действие, непосредственно предшествующее главному

«Т» буукуба