ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тутааччы

аат тыл

Нууччалыы тот, кто строит, специалист по строительству, строитель

II

1 аат тыл #

Тутууга идэлээх, тутуу үлэһитэ

Нууччалыы Тот, кто строит, специалист по строительству, строитель

  • тут I диэнтэн х-ччы аата. Балык тутааччы. Эт тутааччы.
  • Кыыс тэһиин тутааччылара харыс хаалбыттар, сүөм түспүттэр, хомойбуттар. Саха. фольк. Кырдьҕаас, эдэр булчуттары барыбытын маннааҕы лааппы түүлээх тутааччыта итиннэ үөрэтэр, өйдөтөр ээ. Н. Якутскай
  • Тутааччы идэтэ – өй уонна илии үлэтэ тэҥҥэ дьүөрэлэспит идэтэ. "Кыым". Тутааччылар үлэлэрэ иннин диэки хаамтар-хааман, саҥаттан саҥа эбийиэктэр үүнэн-үрдээн испиттэрэ
    ХС

2 аат тыл #

Тугу эмэ айан оҥорон таһаарааччы, туругурдааччы (хол., саҥа олоҕу)

Нууччалыы Тот, кто созидает, творит что-л.; строитель, создатель (напр., новой жизни)

  • Саха литературатын бүтүннүүтүн иннигэр саҥа үйэ киһитин – саҥа уопсастыба актыыбынай тутааччытын уобараһын айар сорук турбута. Софр
    Данилов

«Т» буукуба