Перевод с якутского
идэлээх
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы обученный какой-л. профессии, имеющий профессию, квалификацию
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Идэҕэ үөрэммит, идэни баһылаабыт
Нууччалыы Обученный какой-л. профессии, имеющий профессию, квалификацию
Суруйааччылар, композитордар, араас идэлээх искусство маастардара кэлэн бэйэлэрин уран искусстволарын биһиги саха норуотугар биһирэмнээн көрдөрдүлэр.
Суорун ОмоллоонБиһиэхэ идэлээх дьон наадалар. Н. Габышев Сопхуос оробуочайдара уонна идэлээх үлэһиттэрэ аныгы техникаҕа уонна наукаҕа олоҕуран таһаарыылаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик үлэлииллэр И. Данилов
2 даҕааһын #
Тугу эмэ гынар үгэстээх, үөрүйэхтээх; кэмэлдьилээх
Нууччалыы Имеющий какую-л. привычку; имеющий дурную привычку
Итиччэ чугастан сыыспат идэлээхпин. Далан Надя сыл аайы кэриэтэ туристическай путевканан сири-дойдуну кэрийэр идэлээх.
Н. ЛугиновУчуутал үөрэтэр оҕотун, төһө да улааппытын, сааһырбытын иһин, мэлдьи оҕо курдук саныыр идэлээх. Софр. Данилов. Кыыһырдарбын эрэ тугу саҥарарым баһын билиммэт буолан хаалар идэлээхпин С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Идэлээҕи кытта олоруоҥ – идэлээх буолуоҥ, түөкүнү кытта олоруоҥ – түөкүн буолуоҥ (өс хоһ.)
3 аат тыл #
суолт. Бэйэтин идэтин үчүгэйдик баһылаабыт киһи, специалист
Нууччалыы Мастер своего дела, специалист
4 этии #
Нууччалыы Профессиональнай союз
Этиилэр
Идэлээх сойуус
үлэ ханнык эмэ салаатын үлэһиттэрин холбоһуга, түмсүүтэ Идэлээх сойууһу тэрийэргэ уураахтаатылар.
Идэлээх сойуустар конференциялара. Хайа оробуочайдарын идэлээх сойууһугар киирбитэ. "ХС"