ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тутун

туохтуур

Нууччалыы строить

English to build

Ис хоһооно · 11

1 туохтуур #

Нууччалыы строить

English to build (something for oneself)

  • дьиэтэ тутун
    построить себе домto build oneself a house
I

2 туохтуур #

Туох эмэ сэби, тэрили үлэҕэ сатаан туһан, туһана үөрүйэх буол

Нууччалыы Уметь пользоваться, владеть чем-л

  • тут I диэнтэн бэй. түһ. Боккуойа кэлэн тииккэ өйөнөн туран мутугу тосту тардар уонна икки илиитинэн сирэйин саба туттар.
    П. Ойуунускай
  • Кыыс, өсөһө киирэн, муннун анныгар ыҥыранан ылла, уоһун мунньаччы туттан кэбистэ.
    Н. Заболоцкай
  • [Тимир иҥиир] сутуругун ыга туттар, хараҕын быччатар. Күндэ
Өссө холобурдар (2)
  • Илиитэ ыалдьан, уҥа илиитинэн кыайан туттубат буола сылдьар. Дьэ, кини сүгэнэн үчүгэйдик туттар киһи.
  • Оттон ити улахан сомсор тимиринэн [экскаваторынан] бэйэҥ илииҥ курдук туттаҕын
    И. Данилов

3 туохтуур #

Тугу эмэ турунан туран оҥор

Нууччалыы Делать что-л. с большим усердием, использовать время с большой отдачей

  • Бу сарсыарда, дьэ, атаас, туттар сарсыардабыт.
    Суорун Омоллоон
  • "Сиик көтө илигинэ туттан хаалыаҕыҥ!" – хара Чөөчөөн инньэ диэт охсон куһуйда, атыттар кини кэнниттэн харса суох түһүннүлэр.
    И. Гоголев
  • Быйыл, күһүнэ уһаан, алтынньы-сэтинньи ыйдар ичигэс турбуттара, биллэн турар, ол бириэмэҕэ үлэ дьоно туттан хаалбыттара
    Кыым

4 туохтуур #

Илиигинэн туох эмэ үлэни оҥорон хамсан-имсэн

Нууччалыы Выполнять руками какую-л. работу

  • Биһиги Нинабыт тутуннаҕа түргэнин, күүһүн-уоҕун, силигирэтэн.
    Далан
  • [Маня:] Оттон атын кыргыттар, дьахталлар сүрдээх чэбэрдик тутталлар
    С. Ефремов

5 туохтуур #

Хайдах эмэ быһыыланан-майгыланан, кимиэхэ-туохха эмэ маарыннаан көһүн

Нууччалыы Держаться, вести себя, поступать каким-л. образом

  • Барытын билэр курдук тутун. Тойон курдук тутун.
  • Бу тухары Торуой уола туохха эрэ буруйдаммыт курдук дуу, тылга иҥнибит дуу курдук туттар.
    Н. Павлов
  • Уулуссаҕа да көрүстэҕинэ оччо ытыктыыр киһи курдук туттубат буолара эбээт.
    М. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Уол, симиктик туттан, түгэх киэҥ хоско киирдэ
    Н. Габышев

6 туохтуур #

Иитэр сүөһүгүттэн өлөрөн идэһэ гын эбэтэр этин эргитэн туһан

Нууччалыы Забивать корову, лошадь из своего хозяйства на мясо

  • Ынахтарбытыттан быйыл биирин туттабыт.
  • [Ыстапаан] ол санаатаҕына, быйылгы кыһыны ынаҕыттан туттубакка хайдах да кыайан сыл тахсыа суох
    А. Софронов

7 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., харчыны) туохха эмэ туһан

Нууччалыы Употреблять, использовать что-л. (напр., деньги) для чего-л

  • Хайа таабырын туохтан төрүттэнэн хаһан үөскээбитин кини ханнык уобарастары туттарыттан, тугу таайтарарыттан холоон билиэххэ сөп.
    Саха фольк
  • Ол харчыны үтүө суолга тутуннахха да, олус буруй кэлэр үһүө.
    Н. Һеүстроев
  • Оройуон нэһилиэнньэтэ сылы быһа туттар аһын-таҥаһын итиннэ сүөкүүр буолбуттар. Н. Кривошап кин

8 туохтуур #

Кими, тугу эмэ туох эмэ оҥоһун (хол., салайааччы, сирдээччи)

Нууччалыы Рассматривать кого-что-л. в качестве кого-чего-л. (напр., руководителя, путеводителя)

  • Умсулҕаннаах ол олохпун Ымыы туттан уоскуйабын. Дьон дьээбэтин, дьон хобун Сүрэхпинэн уйабын.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Нуучча омук Саха сирин була илигинэ сахалар, үрэх бастарын аайы ийэ уустаан сылдьаннар, ким бөҕө, xapca суох киһилэрин тойон туттар эбиттэр.
    Эрилик Эристиин
  • Кини отучча сылга доҕор-атас туттубут сүгэлээх
    Кыым

9 этии #

Нууччалыы Выходить за рамки дозволенного; позволять себе лишнее

Этиилэр

Бас тутун көр бас

  • Биһиги убайбытын олус ытыктыыбыт, баар-суох бас туттар киһибит.

Кутуругун кумунар (купчуччу, кумуччу туттар) көр кутурук

  • Киһи эрэ буоллар кутуругун кумучччу тутунна ээ.
  • Алаас кэнэн ыаллара, кутуруккутун кумуччу туттан олоруҥ.
    В. Гаврильева

Мэтээл тутун көр мэтээл

  • Окко биирдэ көмөлөспүтүн мэтээл туттан тахсар.

Ньуур тутун көр ньуур

  • Бардам баайдар Маҕаһыыннарыгар киирэн Бастыҥ атыы, Манчыык-табаар буолтум, Ньуур туттан, мин аҕай буолтум.
    С. Зверев
  • Эдэргин ньуур туттан, кырдьаҕаһы буортулаан, киртитэн, онон бар дьонтон махтал ылыам дии саныыгын дуо, акаарыа?
    Суорун Омоллоон

Ордук тутун көр ордук II

  • Ордук туттаргыт уурайыа, Хара баттыгаскыт хаалыа, Олохтоох сокуон оҥоһуллуо, Тэҥнээх дьүүл тэриллиэ.
    Саха фольк
  • Курааны кыайбыт эҥин дьоммут диэн ордук тутта сылдьаайаҕыт.
    М. Доҕордуурап

Ордук-хоһу тутун

алҕас тугу эмэ аһара барардыы оҥор Сэрэнээр, ордук-хоһу туттан кэбиһээххиний. Сис туттан сырыт кэпс. –тугу да гыммакка сырыт.

соотв. ходить руки в брюки.

  • Уоппуска киһитэ мантан инньэ сис туттан баран сырыттахпына да көҥүл.

Сыыһа тутун көр сыыһа

  • Үөрэххин салгыаххын наада, кытаатан, сыыһа туттума.

Толук тутун (биэр) көр толук

  • Бэйи, хата, мантыкайбын кэлэр сырыыга толук туттуом. Быйыл сыл таһаарыахпыт диэбит сүөһүбүтүн толук биэрээ инибит.

Тос курдук тутун

1) улаатымсый, бэйэҕин аһара билинэн кэбис.

Важничать, проявлять высокомерие, кичиться.

  • Ити киһиҥ бэйэтин тос курдук туттааччы; 2) кэпс. –дуоспуруннаахтык, оттомноохтук тутун-хабын. Держаться с достоинством, гордо. Тукаам, мунньахха бардаххына тос курдук тутта сатаар.

Тумулук тутун көр тумулук

  • Үнүргү кэпсэтиигэ Доргууйап мэлдьи ону тумулук туттан, өттөйөн тахсыбыта.
    ХС

Таайбыт

баар-суох тумус туттар киһибит.

Улаханнык тутун

бэйэҕин наһаа билин, улуутумсуй.

Важничать, высоко мнить о себе.

  • Кэлэктиип иһигэр улаханнык туттааччылар да ханна барыахтарай. Үрдүктүк тутун кэпс. – кими да бэйэҕэр тэҥнээбэт курдук тутта-хапта сырыт, улаатымсый. Быть высокомерным (букв. высокомерно держаться). Бэйэҕин наһаа үрдүктүк туттаргын көрө-билэ сылдьабыт

10 этии #

Нууччалыы Орудие труда

Этиилэр

Киэн тутун көр киэн

  • Саха сирэ алмааһынан, көмүһүнэн киэн туттарын курдук көмүс туорахтаах бурдугунан эмиэ киэн туттар буолуоҕа.
    П. Егоров
  • "Эһэм уордьанын өссө 1947 сыллаахха ылбыта", – диир Костя киэн туттубуттуу.
    ХС

Күөн тутун көр күөн

  • Мөккүөрдэргэ кууруһун устудьуоннара кинини күөн тутталлара. Софр. Данилов.

Сис тутун көр сис

  • Василий Михайлович Петров сис туттан баран төттөрү-таары хаама сылдьар.
    Амма Аччыгыйа
  • Киил оҕонньор, оргууй аҕай бэспэрдэтэлээн, сис туттан хааман истэ.
    Н. Лугинов

Сөрүү тардын (тутун) көр сөрүү

  • Тоҥуохча буолан, сонун эҥээрин сөрүү тутунна.

Сутуруккун тутун көр сутурук

  • Уолчаан, кыыһырбыта буолан, сутуругун тутунна.

Туттар сэп

үлэҕэ-хамнаска туттуллар сэп-сэбиргэл Былыргы киһи кыылтан сүрүн уратыта диэн туттар сэби сатаан оҥосторо буолар.

  • КФП БАаДИ
II

11 #

тут II диэнтэн бэй. түһ. Былырыын саҥа дьиэ туттан киирбиттэрэ

«Т» буукуба