Сөдүөччүйэ эрэйдээх, кинээс дуу, Балааҕыйа эмээхсин дуу таарыйдахтарына, толук туттуом диэн булунаахтаабыт биир иһит арыгытын таба көрбүт. Амма Аччыгыйа; 2) эргэр. Кэрэххэ сүөһүнү тутун, сиэртибэлээ (ойуун туһунан). Приносить в жертву верхним или нижним злым духам скот для умилостивления их гнева, жертвовать (о шаманах). Былыр ойууннар чоккуруос харахтаах маҥаас сылгыны эбэтэр күөх эбириэн ынах сүөһүнү толук тутталлара үһү.
[Өбүгэлэрбит] табаны толук тутта сылдьыбыттарын көрдүөхтэрин сөптөөх аҕыйах чахчылардаахпыт. Багдарыын Сүлбэ. Толук түс кэпс. – кими эмэ көмүскэс, быыһаан ыл. Заступаться за кого-л., идти на выручку, выручать. Гриша, доҕоччугуом, мин эн тыыҥҥар толук түспэтим, кыайбатым.А. Сыромятникова