ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

соболоҥ

аат тыл

Нууччалыы плата, вознаграждение за какой-л. труд, за какую-л. услугу. [Бырдаахап:] Хайа, оннук сүдү ойуун ыарахан соболоҥҥо, күтүр манньаҕа кэлэр киһи буолуо эбээт

1 аат тыл #

, кэпс. Киһи тугу эмэ оҥорбут эрэйин төлөбүрэ, манньата

Нууччалыы Плата, вознаграждение за какой-л. труд, за какую-л. услугу. [Бырдаахап:] Хайа, оннук сүдү ойуун ыарахан соболоҥҥо, күтүр манньаҕа кэлэр киһи буолуо эбээт

  • [Кэтириинэ:] Бар, тукаам, бу ырбаахыны Сөдүөттээххэ илдьэн биэр, -- соболоҥмун үс муунта арыыта аҕалан биэрдин.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Дьыаланы суруйар киһи буолуо ээ. Соболоҥун биэрдэххинэ
    ХС

2 этии #

Нууччалыы Подарки, которыми жених и его родители одаривают родственников невесты, сопровождающих её на свадьбе

  • Атах соболоҥо - 1) эргэр. күтүөт, кини төрөппүттэрэ кийиит кыыһы уруутугар арыаллаабыт аймахтарыгар биэрэр бэлэхтэрэ Байаҕантай Баксыгыр оҕонньордоох -- атах соболоҥун, эр сулуутун куттаран уон икки боһомону ылан уураллар. Саха сэһ. I. Аҕамсыйбыт түҥүргэ, ходоҕойго уоллаахтар сүөһүнэн, арыынан атах соболоҥо диэн биэрэн ыытыахтаахтар. БСИ ЛНКИСО-193 8. Биһиги "атах соболоҥо ылыахпыт" диэн бара сылдьыахпыт дуу?! ПЭК ОНЛЯ III; 2) киһи ханна эмэ кэлбит, сылдьыбыт эрэйин иһин бэрик, манньа. Θ Вознаграждение за услуги в качестве рассыльного, посыльного. Арыгы атыылаһар атаҕым соболоҥо арай төлөнөр буоллаҕына [барыам].
    Амма Аччыгыйа
  • Спивак атыыһыт арыт уон биэс -- харчыны: "Мотя, бу атаҕыҥ соболоҥо!" - диэн биэрэрэ.
    Н. Якутскай
  • Ол иһин кини бэйэлээх атаҕа хайдах соболоҥо суох хаамыах этэй! Софр. Данилов. Ср. бур. зоболон, тув. чобалаҥ ‘мучение, страдание’

«С» буукуба